Салгыы
Бэртээхэй кэнсиэри бэлэхтээтэ

Бэртээхэй кэнсиэри бэлэхтээтэ

Ааптар:
07.04.2024, 11:36
Хаартыскаҕа А.Михалева түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Дьоллоох Дьокуускай куоракка Фрументий Сафронов сэттэ сыллааҕыта ыллаан-туойан көрөөччүлэрин улаханнык сөхтөрбүтэ. Ону устубуттарын санаатахпыт ахсын эргитэн көрөн, ырыаларын астына, дуоһуйа истэн кэллибит. Ахтылҕаннаах ырыаһыппытын өссө төгүл истэр, көрөр түгэн тосхойдо. Фрументий Петрович 83 сааһыгар олус тэтимнээхтик, өссө сайдан, ис дууһаттан тахсар тыллардаах бэртээхэй ырыалары толорбутун көрөн сөхтүбүт, астынныбыт.

Мин 4 чааска буолбут кэнсиэргэ сырыттым. Саала тобус-толору. Биир да аһаҕас миэстэ суох. Дьон, бэл, кэннигэр (кэнники эрээттэргэ) билиэттэри атыылаһалларын сөхтүм. Ырыатын быыһыгар, Фрументий бэйэтэ кэпсээн-ипсээн, көрөөччүлэри кытары ыкса сибээһи тутта. Тапталлаах артыыстарбытын сэргэ, СӨ үтүөлээх артыыстара Саарын, Сахаайа, СӨ култууратын туйгуннара Дуолан, Константин Степанов, кырачаан ырыаһыт Айылҕан Кириллин, Фрументий Петрович кэргэнэ Нина Ильинична, кэрэ кыыһа Екатерина, сиэнэ Эрхаан ырыаларын көрөөччүлэр уҕараабат ытыс тыаһынан арыаллаатылар.

Чаҕылхай артыыс Фрументий Сафронов дууһатын, иэйиитин биэрэн ылллыыр ырыаларын истэн дуоһуйдубут. Иккис кэнсиэргэ дьонум сырыттылар. Эмиэ саала толорутун, кэнсиэртэн астыммыттарын биллэрдилэр.

Миигиттэн кэнсиэр кэмигэр хас да суруналыыс: «Итинник талааннаах дьон тоҕо тыаҕа олороллоруй? «- диэн ыйытта. Ону мин тыаҕа кыахтаах дьон олорор диэн хоруйдаатым. Көрүҥ эрэ, хайдах курдук кэргэннии Нина Ильинична, Фрументий Петрович айылҕаны кытта алтыһа сылдьар буоланнар эдэрдии эрчимнээхтэрин. Тыа сиригэр да олорон, киһи тугу да куоттарбакка ситиһэр диэтим. Махтал, истиҥ иэйиилээх кэнсиэри бэлэхтээбит Фрументий Петровичка уонна кини дьиэ кэргэнигэр!

Марта Николаева

Хаартыскаҕа Ага Михалева түһэриитэ. 

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: