Өрөспүүбүлүкэ араас улуустарын 120 оҕотугар суоттаммыт симиэнэ ахсынньы 9-18 күннэригэр буолуоҕа. Симиэнэ Самуил Маршак “Уон икки ый” (“Двенадцать месяцев”) остуоруйатыгар олоҕурбут тиэмэлээх. Оҕолор остуоруйаҕа ыалдьыттыахтара, Саҥа дьыллааҕы түгэннэргэ баар буолуохтара. Маныаха анаан анал култуура бырагырааматын толкуйдаабыттар.
Санатан эттэххэ, Сунтаар улууһун Кэмпэндээйи сэлиэнньэтигэр “Сир уустара” өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэтэр-чэбдигирдэр кииҥҥэ сэтинньи 28 күнүттэн ахсынньы 11 күнүгэр диэри байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэн биэс оҕото сынньана сылдьар.
“Сир уустарыгар” ахсынньы 14 күнүттэн эмиэ анал байыаннай эпэрээссийэ кыттааччыларын оҕолоругар Саҥа сыллааҕы симиэнэ саҕаланар. Бырааһынньык иннинээҕи симиэнэҕэ 26 оҕо сынньаныа, доруобуйатын бөҕөргөтүө”, — диэн үөрэх уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччы Алевтина Аргунова брифинг кэмигэр иһитиннэрдэ.
Бу симиэнэҕэ оҕолор кыһыҥҥы алыптаах остуоруйаҕа киириэхтэрэ, саамай дьиктилээх бырааһынньыгы көрсүөхтэрэ, үтүө иэйиигэ куустарыахтара. Уон күн устата оҕолор сынньаныахтара, доруобуйаларын бөҕөргөтүнүөхтэрэ, бириэмэлэрин туһалаахтык атаарыахтара.
Үөрэх уонна билим министиэристибэтин чахчытынан, билиҥҥи туругунан, Ил Дархан Айсен Николаев бигэргэппит ыйааҕынан анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕын 2870 оҕотугар өйөбүл оҥоһуллубут. Онтон 842— уһуйааҥҥа төлөбүртэн босхолонуу, 984 – байыаннай сулууспалаах 5-11-с кылааска үөрэнэр оҕотун босхо итии аһылыгынан хааччыйыы, 958 сайабылыанньа – сынньалаҥынан хааччыйыы уонна доруобуйатын бөҕөргөтүү.
Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Бүгүн, ахсынньы 13 күнэ, САССР норуодунай артыыһа, сахалартан бастакынан улуу сирдьит Ленин оруолун саха национальнай…
Маны туһанан Арассыыйаҕа түөкүттэр сиэри таһынан баран эрэллэр. Куйаар ситимэ киириэҕиттэн бэйэтэ да түргэтээбит, ааһа…
Саҥа сылы көрсө харыйаны туруоруу, дьиэни киэргэтии аҥаардас бырааһынньыкка эрэ бэлэмнэнии буолбатах. Фэн-шуй этэринэн, бу барыта…
Биир үтүө күн маҕаһыыҥҥа бэркэ билэр дьахтарбын көрсө түстүм. Билэр киһи сиэринэн, үөрэ-көтө дорооболоһоору гыммытым,…
Дойду бэйэтэ оҥорон таһаарар аһынан-үөлүнэн хааччынар буоллаҕына, бигэ туруктаах, сарсыҥҥыга эрэллээх, дьоно-сэргэтэ чэгиэн туруктаах буолар.…
Чэпчэтиилээх куортам бырагыраамата 2022 сыллаахха Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум үлэтин түмүгүнэн, бэрэсидьиэн Владимир Путин көҕүлээһининэн, олоххо…