Салгыы
“Бэс Чагда” санаторий байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэр

“Бэс Чагда” санаторий байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэр

30.11.2022, 18:30
Бөлөххө киир:

Бу нэдиэлэттэн Москва таһынааҕы “Бэс Чагда” санаторийга анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыттан бастакы пациеннар доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэн эрэллэр.

Бу туһунан Москваҕа Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлин солбуйааччы, өрөспүүбүлүкэ Биир кэлим сүрүннүүр киинин бааһырбыттары кытта оробуочай бөлөҕүн салайааччыта Мария Сафонова брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.

“Бэс Чагда” санаторийга байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар мэдиссиинэ өттүнэн чөлүгэр түһэриигэ анал бырагыраама оҥоһулунна. 20 күнүску курска аппаратынан физиотерапия, механотерапия, уунан эмтээһин, ЛФК, теринкур, бассейн, отунан эмтэнии киирэллэр. Пациеннары терапевт, кардиолог, невролог, травматолог-ортопед, психотерапевт көрүөхтэрэ.

Санаторийга киирэргэ маннык докумуоннар ирдэнэллэр:

— Саха Өрөспүүбүлүкэтин Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтиттэн эбэтэр хомуурга ыҥырыллыбыттарга уонна байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар байыаннай сулууспалаахтарга үгүс өрүттээх көмөнү оҥорууга Биир кэлим сүрүннүүр киинтэн направление;

— РФ гражданина буоларын туоһулуур докумуонун (регистрацияламмыт илиистээх) ксерокуопуйата;

— ИНН уонна СНИЛС ксерокуопуйата.

Саха сирин Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр «122»  (эбиллэр нүөмэр 1) эрийиҥ, оттон өрөспүүбүлүкэтээҕи Биир кэлим сүрүннүүр кииҥҥэ Москваҕа маннык төлөпүөнүнэн : +7 (926) 887-08-52  и +7 (926) 886-86-04.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

СИА хаартыската

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: