«Бэс Чагда» санаторийга байыастар доруобуйаларын чэбдигирдинэллэр

Share

Өрөспүүбүлүкэ мэдиссиинэҕэ тэрилтэлэрэ байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр мэдиссиинэ көмөтүн оҥоруулара салҕанар.

Москваҕа «Бэс Чагдаҕа» 97  байыаннай сулууспалаах доруобуйатын чэбдигирдиннэ, — диэн иһитиннэрдэ бүгүн, олунньу 5  күнүгэр, брифиҥҥэ СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кылаабынай хирура Василий Игнатьев.

Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан, мэдиссиинэ тэрилтэлэринэн уопсайа 2546 байыаска көмө оҥоһуллубут. Эминэн-томунан уонна мэдиссиинэ тэриллэринэн чэпчэтиилээх хааччыйыынан байыаннай дьайыы 74  кыттыылааҕа туһаммыт. Байыаннай дьайыы кыттыылааҕа дойдутугар кэлэн баран, олорор сиринэн поликлиникаҕа кэлэр эбэтэр 122  нүөмэргэ эрийэр. Ол кэнниттэн киниэхэ мэдиссиинэ көмөтүн оҥорорго уонна чөлүгэр түһэригэр, чэбдигирдинэригэр кэлим бырагыраама анаан оҥоһуллар.

СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтинэн байыаска уонна кини дьиэ кэргэнигэр мэдиссиинэ көмөтүн оҥорорго анаан испииһэк бигэргэтиллибит. Диагностикаҕа, ону сэргэх хонугу эргиччи үлэлиир стационарга мэдиссиинэ көмөтүн оҥорорго кинилэр мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр ыытыллаллар.

Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, 2022  сыл сэтинньититтэн байыаннай госпиталларга сытар бааһырбыт байыастары өйүүр соруктаах Саха сирин быраастара тиийэн үлэлииллэрэ тэриллибитэ. Быраастар госпиталларга мэдиссиинэ көмөтүн оҥорууга көхтөөхтүк көмөлөһөллөр:  эпэрээссийэлииллэр, сүбэ-ама биэрэллэр. Эрэгийиэн психологтара эмиэ улахан көмөнү оҥороллор. Маннык көмөнү оҥоруу быйыл эмиэ салҕаныа.

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин олунньу 2  күнүгэр «Все для Победы» пуорумҥа, миэдиктэр ураты кылааттарын бэлиэтээн турар.

Быраастар инники кирбиигэ, байыаннай госпиталларга, мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр өйүүргэ, көмөлөһөргө, эмтиир саҥа ньыманы кэмигэр киллэрэн туһанарга барытын оҥороллор«, — диэбит национальнай лиидэр.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын умайда

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…

10 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Креативка киирии: АЛРОСА оҕо айар дьоҕурун өйүүр

АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүнэн тэриллэр “Медиахакатоҥҥа” номнуо үһүс төгүлүн өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 48 көхтөөх, айар-тутар дьоҕурдаах…

25 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ытык Күөл харыйата Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттар

Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар баар Саҥа дьыллааҕы харыйа "Елки России"…

36 минут ago
  • Бэрээдэк

Бииргэ төрөөбүт эдьиийин аатыгар кирэдьиит оҥотторбута биллибит

Бүлүү улууһун Кыһыл Сыыр сэлиэнньэтин олохтооҕо дьахтар өрөспүүбүлүкэ борокуруора Максим Поповка көмө көрдөөн биллибит. Быһаарыллыбытынан,…

57 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Биэнсийэ үрдүүрүгэр көтүтүллүбүт индексациялары учуоттуохтара

Арассыыйа социальнай пуондата үлэлиир гражданнарга биэнсийэни индексациялааһыны быһаарда. Индексацияны суоттааһыҥҥа 2016 сылтан ыла бары көтүтүллүбүт…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар туһунан кэпсэтии буолуоҕа

СӨ тырааныспар уонна суол Хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Анатолий Потапов бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, социальнай…

1 час ago