«Бэс Чагда» санаторийга байыастар дьонноро эмтэнэллэр
Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтинэн байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр мэдиссиинэ көмөтүн оҥоруу салҕанар.
«Ахсынньы 18 күнүнээҕи туругунан, 1192 байыаска мэдиссиинэ көмөтө оҥоһулунна. Чөлгө түһүүнү 202 байыас ааста. Маннык көмөнөн кинилэр чугас дьонноро эмиэ туһаналлар. Кинилэри доруобуйаны чөлгө түһэрэргэ үлэлэһэр кииннэргэ уонна өрөспүүбүлүкэ таһыгар «Бэс Чагда» санаторийга ыытабыт», — диэн этэр СӨ Доруобуйа харыстабылыгар миниистири бастакы солбуйааччы Дмитрий Сергин.
Ол курдук, «Бэс Чагда» санаторийга байыастар дьиэ кэргэттэриттэн 179 киһи эмтэммит.
Миниистири бастакы солбуйааччы Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан өрөспүүбүлүкэ таһыгар госпиталларга сытар байыастарга көмөлөһөр сыаллаах-соруктаах быраастар биригээдэлэрэ тэриллибитин уонна бу үлэ салҕанарын иһитиннэрэр.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: