«Бэс Чагда» санаторийга Бастакы Бэрэсидьиэн М.Е.Николаев аата иҥэрилиннэ
«Бэс Чагда» өрөспүүбүлүкэтээҕи санаторийга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев аата иҥэрилиннэ. Михаил Ефимович туһааннаах мэдиссиинискэй тэрилтэ тэриллиитигэр, сайдыытыгар улахан кылааттаах. Бүгүн санаторий дьиэтигэр мемориальнай дуосканы ыйаатылар.
Михаил Николаев дойду оччотооҕу бэрэсидьиэнэ Борис Ельцинтэн көрдөһүүтүнэн, 1992 сыллаахха үлэлии турбут санаторий өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр бэриллэн, санаторий «Бэс Чагда» диэн ааттаммыта. Бу быһаарыныы Саха сирин олохтоохторо эпэрээссийэ кэнниттэн доруобуйаларын чөлүгэр түһэллэригэр кыах бэриллибитэ.
2020 сыллаахха Михаил Ефимович көҕүлээһининэн уонна Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн, санаторийы саҥардан оҥоруу саҕаланан, билигин «Бэс Чагда» доруобуйа харыстабылын аныгы эбийиэгэр кубулуйда.
Сиһилии манна ааҕыҥ https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3415954
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: