Москваҕа баар «Бэс Чагда» санаторийга байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин чөллөрүгэр түһэрэр уонна доруобуйаларын чэбдигирдэр үлэлэр салҕыы бараллар.
Ааспыт сылга «Бэс Чагда» санаторийга 300 кэриҥэ киһи чөллөрүгэр түһүүнү аастылар диэн, бүгүн, тохсунньу 17 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев ГТРК «Саха» «Россия 24» телеханаалын «Прямой разговор» биэриигэ иһитиннэрдэ.
Айсен Николаев быһа эпииргэ эппитинэн, «Бэс Чагда» санаторий баазатыгар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чөлүгэр түһэрэр, чэбдигирдэр үлэни РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан оҥоһуллар, өйөбүллэр дьаһалларын чэрчитинэн ыытыллар.
«Бу үлэни өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата Биир кэлим координационнай киини кытары бииргэ үлэлээн тэрийэр. «Бэс Чагда» санаторийга биир туспа блок байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин чөллөрүгэр түһэриигэ уонна доруобуйаларын чэбдигирдиигэ анаан бэриллэн турар. Мин бэйэм онно сылдьыбытым, эмтэнэ сытар байыастарыбытын кытары көрсүбүтүм», – диэн Ил Дархан эттэ.
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…
Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…
2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…
Соторутааҕыта Дьокуускайга муусука учууталларын “Музыкальнай палитра” 1-кы аһаҕас идэтийбит куонкурустара буолан ааста. Куонкурус уһулуччулаах муусука…