Бэс Күөлгэ икки дьиэ тиэргэнигэр халаан уута киирдэ
Бэс Күөлгэ икки хаһаайыстыбалаах дьиэ территориятыгар халаан уута киирдэ. Нэһилиэккэ уустук быһыы-майгы турар. Ол туһунан Горнай улууһун дьаһалтата иһитиннэрэр.
«Уу тахсан иһэр, 06.00 чааска таһыма критическэй бэлиэни 17 см. куоһарбыт. Билигин кэтээн көрөбүт. Нэһилиэнньэ халаан уута кэлэр туруктааҕын билэн олорор. Сүөһүнү күрэтэр схема быһаарылынна, бэҕэһээ хоруунан уу түргэнник бардын диэн икки тиэхиньикэ үлэлэтэн, олохтоохтор көмөлөһөннөр Атамай нэһилиэгин дьаһалтата дьаһанна», — диэн улуус баһылыга Никита Андреев бэлиэтээтэ.
Санатан суруйдахха, ыам ыйын 6 күнүттэн Горнай улууһугар үрдүк бэлэмнээх буолуу эрэсиимэ ылылынна. Оройуоҥҥа Хаар Балаҕан, Дьүктүөнэ уонна Чакыйа үрэхтэр ууларын таһыма үрдээн, үс сэлиэнньэ ууга барар куттала үөскээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: