Бэс Күөлүгэр отчуокка соһуччу көрсүһүү (ВИДЕО)

Share

Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр отчуот буолуохтаах култуурунай-спортивнай киинэ иллэрээ сыл ойуур баһаарыттан эмсэҕэлээбит түөлбэ аттыгар турар.

Тула саҥа дьиэ бөҕө. Арай утары көрө түспүтүм, ханна эрэ көрбүт бэркэ билэр хочуолунайым турар.

Нэһилиэк аайы модельнай хочуолунайдар бары биирдэр эрээри, бу дьиэни киһи эндэппэккэ билэр. Өйдүүр буолуохтааххыт, Бэс Күөлүгэр ойуур баһаара буолбутугар хочуолунай үлэһитэ уол сүүрэн кэлэн нэһилиэк суолталаах эбийиэгин быыһаабытын? Ол хочуолунайы хааартыскаҕа түһэрэ туран: ”Бэйи эрэ, бачча кэлбиччэ, ол дьоруой ыччаты булан кэпсэтииһибин”дии санаатым. Санаабын сэрэйбиттии, хочуолунайтан икки эдэр киһи тахсан, массыынаҕа олороору гыннылар. Мин сүүрэн тиийэн: “Уолаттар, бу хочуолунайы быыһаабыт ыччаты ыйан биэрэргит буоллар, кэпсэтиэм этэ”, — диэн көрдөстүм. Онуоха биирэ: “Ол — мин”, — диэтэ. Спиридон Яковлев хочуолунай операторынан үлэлээбитэ сэттис сыла эбит.

“Күнү быһа баһаары кытта охсуһан баран, дьиэбэр кыратык сынньана түһээри киирбитим. Арай, сарсыарданан “уот бөһүөлэккэ киирэн эрэр, бары кэлэ охсуҥ” диэн ыҥырдылар.  Тута хочуолунайбар сүүрбүтүм, уот чугаһаабыт сиригэр турар этэ. Сайыҥҥы кэмҥэ быраабыла быһыытынан, хочуолунай аттыгар турар “емкостар” уунан туолан туруохтаахтар. Сүүрэн кэлэн, сылаанганы холбоон баран, хочуолунайым тула уунан ыстарбытым. Хата, эбийиэкпин онон быыһаан ылбытым. Мин оннубар атын да уолаттар эмиэ итинник дьаһаныа этилэр. Үлэлиир эбийиэкпит буоллаҕа”, — диэн кэпсиир сэһэргэһээччим. Спиридон бу хорсун быһыыта “Баһаары умулларыы иһин” диэн бэлиэнэн наҕараадаламмыт. Билигин Спиридон Яковлев ойуур суостаах баһаарыттан быыһаан ылбыт хочуолунайыгар доҕотторун кытта үөрэ-көтө үлэлии сылдьар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Сонун сүүрээҥҥэ өйөбүл

Саха сирэ “Дьоҕус уонна орто биисинэс уонна урбаанньыт тус көҕүлээһинин  өйөөһүн” национальнай бырайыакка 2019 сылтан…

42 минуты ago
  • Сонуннар

Үтүө холобур буолар дьиэ кэргэн

Сана үйэҕэ эргиэн үлэтигэр саҥа саҕалааһыннар кэрэхсэбиллээхтэр. Урукку кэмҥэ атыы-тутуу, эргиэн эйгэтигэр "Холбос" биир тэрилтэтэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Сайаана Малышева Пионерия күнүнэн эҕэрдэлиир

«Оҕо аймаҕы үрдүккэ, сырдыкка, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буоларга сирдээбит "Мэлдьи бэлэм буол!" диэн тумус тыллаах…

2 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Сардаана Дьячковская: “Дьылҕа Хаан уонна… кинигэ биһигини холбообута”

Ыам ыйын 15 күнүгэр Дьиэ кэргэн аан дойдутааҕы күнүн бэлиэтээтибит. Онон бүгүн айанньыт, орнитолог, фотограф,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сааскы халааны этэҥҥэ аһарарга кэлим дьаһаллар ылыллаллар

Нам улууһугар Арбын уонна Түбэ сэлиэнньэлэрин икки ардыларыгар муус дьапталҕатын эстэрии ыытыллыбыта түмүктэри аҕалла. Онно…

3 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Биир кэлим эксээмэн. Оҕоҕунуун бииргэ буол

Психолог сүбэтэ   Ксения Ивашковская – Психоневрология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын килиниичэскэй психолога, дьиэ кэргэн психолога, консультант,…

3 часа ago