Бэс Күөлүгэр сэргэх тэрээһин дьону-сэргэни түмтэ
Бэс Күөлүгэр сэргэх тэрээһин буолла.
Нэһилиэк баһылыга Айсен Егорович Павлов үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ мустубут дьону эҕэрдэлээтэ итиэннэ дойдуга биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн, өр сылларга бииргэ өйдөһөн-өйөһөн олорор дьиэ кэргэттэргэ махтал суруктары, өйдөбүнньүк плакеткалары туттарда.
Бу дьоро кэһээ Саха норуодунай бэйиэтэ Савва Тарасов төрөөбүтэ 90 үбүлүөйдээх сылын чэрчитинэн, тэрилтэлэр икки ардыларыгар бэртээхэй күрэхтэһии ыытылынна. Ол курдук, болҕомтону тардар, билиини-көрүүнү тургутар, аралдьытар «Зов предков» диэн бэртээхэй күрэскэ түөрт хамаанда кытынна.
«Кустук» хамаанда (“Радуга” оҕо уһуйаанын кэлэктиибэ), “Күн Куо” хамаанда (В.Д.Лонгинов аатынан “Атамай орто оскуолатын”), «Тэтим» хамаанда (олохтоох дьаһалта кэлэктиибэ), “Чыпчаал” хамаанда (В.Д.Лонгинов аатынан “Атамай орто оскуолатын ”Чыпчаал» оҕо түмсүүтэ) түөрт түһүмэххэ илин-кэлин түһүстүлэр.
Араас хабааннаах боппуруостарга хоруйдаатылар, Саха сирин биллиилээх дьоннорун таайдылар, о.д.а. ыйытыылар бэрилиннилэр. Түмүккэ 1 миэстэни «Күн Куо» хамаанда ылла. Кинилэри кытары тэбис-тэҥ очукуону хомуйбут «Тэтим» хамаанда эмиэ бастаата. Иккис бириистээх миэстэҕэ «кустуктар» таҕыстылар. Үһүс бириистээх миэстэни «Чыпчаал» хамаанда ылла.
Атамайдааҕы сынньалаҥ киинэ уонна олохтоох бибилэтиэкэ күрэскэ кыттыбыт бары хамаандаларга махтанна итиэннэ кэлэр да өттүгэр бу курдук көхтөөхтүк кытталларыгар баҕардылар.
Тэрээһиҥҥэ сахалыы таҥнан-симэнэн кэлбит дьон хааман көрдөрүүлэрэ болҕомтону ылла, түмүккэ кэлбит дьон оһуохайы оройуттан туттулар. Дьон-сэргэ дуоһуйа сынньанна.
Анна Дмитриева,
Атамай.
Хаартыскаларга Дмитрий Яковлев түһэриитэ, видеоҕа Анна Дмитриева устуута.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: