Бэс ыйын 12 күнэ: быстах ардах, силлиэ тыал, +31° кыраадыс
12.06.2025, 07:44

Хаартыска: Василий Прокопьев
Бөлөххө киир:
Бүгүн, бэс ыйын 12 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ үгүс оройуоннарынан быстах ардыыр, сорох сиринэн самыырдыыр, этиҥнээх ардахтыыр. Этиҥнээх ардах кэмигэр сөкүүндэҕэ 15-20 м. түргэннээх күүстээх тыаллаах.
Арктика оройуоннарынан сөкүүндэҕэ 15-17 м. түргэннээх тыаллаах.
Салгын температурата түүн +9+14°, соҕуруу хайаларынан +5+10° кыраадыс сылаас. Күнүс салгын температурата +21+26°, илин +26+31°, соҕуруулуу-арҕаа ардах кэмигэр +16+21°, хотугулуу-арҕаа уонна Халымаҕа +12+17° кыраадыс сылаас.
Дьокуускайга түүн +13+15°, күнүс +25+27°, түүн сөҥүүтэ суох, күнүс быстах ардахтыыр, этиҥнээх ардах түһэр, соҕуруулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 4-9 м. түргэннээх тыаллаах, этиҥнээх ардах кэмигэр сөкүүндэҕэ 15-20 м. түргэннээх тыаллаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: