Салгыы
Бэс ыйын 18 күнүгэр Сыырдаах нэһилиэгэр ыһыах ыһылынна

Бэс ыйын 18 күнүгэр Сыырдаах нэһилиэгэр ыһыах ыһылынна

Ааптар:
21.06.2023, 17:16
Хаартысканы Иван Ушницкай тиксэрдэ.
Бөлөххө киир:

Быйыл Уус Алдан улууһун Бэрт Ууһун нэһилиэгин ыһыаҕа уруккулартан уратытык ааспыта бэлиэтэнэр. Бу үөрүүлээх күҥҥэ “Эдэр саас” хаһыаты төрүттээбит суруналыыс, Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Иван Петрович Ушницкай ыалдьыттыы бара сылдьан, маннык дьиктилэри илэ көрбүтүн туһунан кэпсээтэ.

Ыһыахха сылдьан дьон-сэргэ алгыс ылар, айылҕалыын алтыһан, сири-дойдуну кытта биир тыын буолан, күүс киллэринэр. Бэс ыйын 18 күнүгэр Сыырдаах бөһүөлэгэр Уус Алдан самаан сайын кэлбитинэн Үрүҥ Тунах Ыһыах тэриллибитэ.

Иван Ушницкай: “Мин Сыырдаах дьоно өрө көтөҕүллэн сылдьалларын көрөммүн, астынан кэллим.

Бэрт Ууһун нэһилиэгин туһунан чуолаан эттэххэ, бу уйгулаах сиртэн саха дьахталларыттан бастакы Үлэ Дьоруойа Елизавета Бурцева уонна саха дьахталларыттан бастакы уордьаннаах Ирина Олесова аатырбыттара. Бу ыһыахха аан бастаан анал кэмииссийэ уордьаннаах киэн туттар биир дойдулаахтарын ааттарынан “Бастыҥ фермер”, “Бастыҥ ыанньыксыт”, “Бастыҥ механизатор”, “Бастыҥ активист”, “Бастыҥ урбаанньыт”, “Бастыҥ спонсор” уо.д.а. 12 киһиэхэ анал номинациялары туттарарга быһаарбыттар. Ол чиэскэ тиксибиттэри куораттан кытта ыҥырбыттар. Кинилэри түһүлгэҕэ таһааран нэһилиэк баһылыга Юрий Николаевич Колодезников аалай лиэнтэлэри ииллэ уонна истипиэндьийэ сэртипикээттэрин туттарда.

Быйыл икки этээстээх таас оскуола тутуллан, балаҕан ыйын 1 күнүгэр, саҥа үөрэх сылын аһаары турар. “Бу оскуола мин бэркэ диэн билэр, ытыктыыр киһим, педагогическай наука докторын – Иосиф Семенович Портнягин аатын сүгэр.

Бөһүөлэккэ уу ситимин тардааччылар уонна итиннэ, ол тулатыгар суол оҥорооччулар оннооҕор ыһыах күн бэйэлэрин да, тиэхиньикэлэрин да сынньаппатылар. Дьон-сэргэ санаата көтөҕүллүбүтэ сүрдээх.

Оскуола тутуутугар көмөлөспүт дьоҥҥо махтал сурук уонна нэһилиэк сайдыытыгар бэйэтин күүһүн-көмөтүн уурбутун иһин диэн нэһилиэк бочуоттаах ааттарын куораттан ыҥырыллыбыт ыалдьыттарга туттардылар.

Сыырдаахха сырыым куруук кэрэ кэскиллээх буолар. Бастаан тохсуска үөрэнэ сылдьан оройуон дуобакка чөмпүйэнээтигэр лиидэрдээбитим. Черкашиттарга доҕорбунаан Толя Алексеевтыын түһэрбиттэрэ. Оҕолору олус маанылаан хоноһо оҥостубуттара.

Иккис сырыым оскуоланы саҥа бүтэрээт, хаһыакка үлэҕэ киирэн, тустуук, маастар, тириэньэр Николай Константиновка хоно сытан суруйбутум, аахпытым, киинэҕэ тустуулары устууларын көрбүтүм.

Үһүс сырыым. “Эдэр сааска” эрэдээктэрдии сылдьан хаһыаппыт дьоруойа, ырыаһыт Николай Андросов уруутугар оптуобус толору үлэһиттэрбин, уопсастыбыаннай кэрэспэдьиэннэрбин, ырыаһыттары илдьэ тахса сылдьыбытым.

Төрдүс сырыым. Бастакы бэрэсидьиэн Михаил Николаевка Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы эрдэҕинэ, киниэхэ көмөлөһөөччүнэн үлэлиир этим. РФ өрөйүөннэригэр кытта, илдьэ-ыыта сылдьыбыта. Саха сирин усталыы-туоралыы кэрийбиппит. Уус Алдаҥҥа хаһыс да сырыыбытыттан бииригэр анаан Сыырдаахха тиийиэх диэбитэ. Гаврил Черкашин Канадаттан кэлэн, онно көрбүт хотонун курдугу тута сылдьара. Михаил Ефимович сүбэлэринэн уларытан туппуттарын, ыалдьыбытын да кэннэ оҕолоро, аймахтара үлэлэтэ тураллар эбит.

Бэһис сырыым. Бороҕоҥҥо сайыҥҥы спортивнай оонньуулар ыытыллалларынан Сыырдаахха икки сыллааҕыта Майаҕатта Бэрт Хара уонна ол күннэргэ саҥа бойобуой уордьаны ылбытынан Иван Черкашин дьоннорун-сэргэлэрин сиһилии билсиэхпин баҕарбытым. Ону доҕорум Петр Черкашин истээт, төрөөбүт дойдутугар тута таһаарбыта.

Ыһыахха төннүөххэ. Егор Васильевич Ширяев өр сылларга кыһамньылаахтык үлэлээбитин иһин, «Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна» диэн үрдүк ааты уонна ону туоһулуур бэлиэ дастабырыанньатын туттарар чиэскэ тигистим. Этэҥҥэ сырыт доҕорбут! Бэтэринээр, осеменатор үчүгэй буоллаҕына, сүөһүгүт-сылгыгыт, ыккыт-кууруссаҕыт чэгиэн буоллаҕына, ыарыйдаҕына-оһоллонноҕуна да эмтэниллиэ.

Хаартысканы Иван Ушницкай тиксэрдэ.

Ыһыах бырагырааматыгар лотерея оонньоммута, сүрүн бирииһэ – тиҥэһэ, кулунчук уонна ньирэй. Дьоруойум Егор Васильевич бааттаах киһи буолан, бэтэринээрдэр улуустааҕы тэрилтэлэрин салайааччыта киниттэн үс билиэти талан атыылаһарыгар көрдөспүтүн иһин бэйэтэ кондиционер сүүйбүтүн онно ыытта. Аны бииргэ сылдьыбыт дьонум Анастасия, Петр Черкашиннар эмиэ бааттаах буоланнар – “Марал” фирматтан тирии кур уонна саппыйа сүүйбүттэрэ.

Хаартысканы Иван Ушницкай тиксэрдэ.

Дьикти түгэн итинэн эрэ бүппэтэҕэ. Ыһыах сарсыҥҥы күнүгэр өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Егор Ширяев эрийдэ уонна: “Бэҕэһээ хороҕор муостааххыт элбээтин диэбит алгыһыҥ туолла. Сыспай сиэллээххит сыһыы аайы сырыырҕаатын диэбитиҥ да туоллаҕа буолуо”. Киһим үрдүк ааттанан баран бастакы ыҥырыллыытыгар ынах икки ньирэйи төрөппүт. Олоххо игирэ ньирэй төрөөбүтүн туһунан сорох дьон олох истибэтэхтэрэ да буолуо. Игирэлэр ийэлэрин кытта биир хааннаах икки ынах иккилии ньирэйи төрөппүтттэр эбит. Онон аймахтыы ынахтартан үс игирэ ньирэйдэммиттэр.

Икки ньирэйдэммит ыал аҕа баһылыга Иван Черноградскай механизатор, рационализатор буола, хотонун үрдүгэр сыттык курдук улахан сырдык лаампалары туруорбута көмөлөспүтэ дуу?

Егор Васильевич байанайдааҕыттан аҥаардас сүүрэр-хаамар атахтаах эрэ буолбакка, көтөр кынаттаах эмиэ тиксэр, үөрэр-көтөр, махтанар. “Билигин сииргэ, ыһыах сандалытыгар төһө собоҕо наадыйаҕыт?” диэтэ. Илими далын анныгар эбэтигэр тардыбыт. Анал тимир сиэккэҕэ соболору хаайан аһатар эбит.

Ити быыһыгар үстэ сөтүөлээтим, түптэлэннибит, ампаарга утуйа сырыттым, тыа сиригэр ааспыт оҕо сааспын санаатым. Сибэккилээх сыһыынан хаамтым, күөрэгэй ырыатын, кэҕэ этэрин иһиттим. От-мас, уу-буор, чэбдик салгын дыргыл сыттарынан дуоһуйа тыынным. Алаас ахтылҕанын таһаардым. Үрүҥ Тунах Ыһыах бырааһынньыгын күнүнэн! Маннык курдук саҥа дьоруойдар, саҥа мэтээли ылар кыһамньылаах дьон, үлэҕэ-билиигэ, успуорка – туохха барытыгар Сыырдаах үрдүк сыырдарын дабайардыы дьулуһууттан ситиһиилэрэ эбиллэ турдуннар!»

Алгыс баһа сыаланарыгар баҕара Сыырдаахха алтыс сырыытын туһунан Иван Петрович кэпсээнин түмүктүүр.

Диана Новгородова,

ХИФУ суруналыыстыкаҕа салаатын 3 кууруһун устудьуона.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: