Бэс ыйын 22 күнэ — Өйдөбүл уонна кутурҕан күнэ

Share

82 сыл анараа өттүгэр, 1941 сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр, Фашистскай Германия Сэбиэскэй Сойууска соһуччу саба түһэн, Аҕа дойду уоттаах сэриитэ саҕаламмыта.

Хомуньуус баартыйата норуоттар бука бары биир сомоҕо санааны ылынан, кырыктаах өстөөҕү кыайарга күүһү-уоҕу ууралларыгар ыҥырбыта. Саха сирэ, төһө да ыраах буоллар, ол ыҥырыыга көхтөөх кыттыыны ылбыта. Уонунан тыһыынча сэриилэһэр кыахтаах дьон Ийэ дойдуларын көмүскүү, Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллыбыттара. Саха Автономнай өрөспүүбүлүкэтин бары муннугуттан эйэлээх олох туһугар Ийэ дойдуларын көмүскүү сэрии толоонугар аттаммыттара. Саха сириттэн барыта 62509 киһи, ол иһигэр 418 дьахтар ыҥырыллыбыта биллэр. Онтон 26129 киһи дойдуларыгар эргиллибэтэхтэрэ.

Саха буойуннара өстөөҕү кытары хабыр хапсыһыыга холобур буолар хорсун быһыыны оҥорон бүтүн Сойуус устуоруйатыгар киирбиттэрэ. Кинилэргэ Сэбиэскэй Сойуус дьоруойун үрдүк аатын иҥэрбиттэрэ. Кинилэр ортолоругар Днепр өрүһү бастакынан харбаан тахсан уоту аспыт, 70-ча өстөөҕү кыдыйбыт Федор Попов, 479 өстөөҕү самнарбыт Федор Охлопков, бэргэн ытааччы Дмитрий Гуляев, 200-тахса фашиһы кыргыбыт минометчик Яковлев, соҕотоҕон отучча фашиһы кытары утарыласпыт автоматчик Степан Ковров, Клавдий Краснояров уо.д.а. сүгүрүйэ ааттыыбыт. Кинилэр сырдык ааттара төрөөбүт дойдуларын эрэ буолбакка, бүтүн дойду киэн туттуута буолбута.

Тыылга хаалааччылар Кыайыыны уһансыыга күүстээх үлэҕэ туруммуттара. “Кыым” хаһыат сэрии сылларынааҕы саһарбыт илиистэрэ кэпсииллэринэн, туох ханнык иннинэ өрөспүүбүлүкэҕэ бырамыысыланнас күүскэ сайдан барбыта. Ол курдук Алдан кыһыл көмүһүн хостооһуҥҥа былааны таһынан толоруу күннээҕи үлэ көрдөрүүтүнэн буолбута. Саха сирин булчуттара былааннарын аһары толорон сэрии иннинээҕи кэмҥэ тэҥнээтэххэ, бултааһыны балтараа төгүл улаатыннарбыттара. Балыктааһын биллэ үрдээбитэ.

Ону тэҥэ Саха сирэ фроҥҥа аһынан-таҥаһынан, харчынан улахан көмөнү оҥорбута. Сэрии сылларын тухары Саха Автономнай өрөспүүбүлүкэтэ Аҕа дойду оборонатын пуондатыгар барыта 37,8 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ көмөнү оҥорбута.

Сэрии туһунан “Кыым”, “ Социалистическая Якутия” хаһыаттар тиһигин быспакка таһаара турбуттара. Хомуньуус баартыйата туруорар соругун, ыҥырар идиэйэтин ис сүрэхтэриттэн өйөөн, саха суруйааччылара айымньыларын кэм ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн, патриоттуу өйү-санааны күүһүрдэн, сэрии сылларынааҕы уус-уран устуоруйа кэрэһитинэн буолбуттара.

Бэй.корр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

3 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүкүүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

5 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

6 часов ago