Бэс ыйын 30 күнэ — Сардаана сибэкки күнэ. Ырыалары ырытан көрдөххө, Саха сиригэр икки сибэккигэ ураты сыһыан баар — ньургуһуҥҥа уонна сардаанаҕа. Бу ыстатыйаҕа Саха сирин хонууларын бастыҥ киэргэлин, сардаана туһунан кэпсэтиэҕиҥ.
Сардаана сибэкки Саха сиригэр эрэ үүммэт, киэҥник тарҕаммыт үүнээйи. Арассыыйаҕа Уһук Илин уонна Илин Сибиир эрэгийиэннэригэр үүнэр. Омук сиригэр Кытайга, Монголияҕа, Хотугу Кореяҕа уонна Японияҕа тарҕаммыт. Онон ботаника наукаҕа сардаана «Лилия даурская» диэн аатынан биллэр. Ол эрэн аан дойдутааҕы үүнээйи түмэлигэр бу үүнээйи Lilium pensylvanicum — “Пенсильвания лилията” диэн аатынан киирбит. Ол эрэн, Хотугу Америкаҕа сардаана хаһан да үүммэтэҕэ. Оччоҕуна тоҕо Саха сирин сардааната “пенсильванскай” аатырбытый? Бу түҥ былыр биир киһи алҕаһыттан тахсыбыт сыыһа ааттааһын.
Сардаана сибэккини Европаҕа Илин Сибииртэн 1728 сыллаахха Даниэль Готлиб Мессершмидт эспэдииссийэтэ тиксэрбит. Санкт-Петербург ботаническай саадыгар көрдөрүллүбүт сибэкки улахан кэрэхсэбили ылбыт. Англияҕа көһөрүллүбүт сибэккини натуралист Марк Кейтсби “Пенсильвания кыһыл лилията” диэн сыыһа хоһуйбут. Туохтан сылтаан бу сыыһа тахсыбыта биллибэт, баҕар этикетката бутуллубута буолуо, баҕар Америкаҕа үүнэр “лилия филадельфийская” (омос көрдөххө, майгынныыр үүнээйи) диэн сибэккини кытта бутуйбут буолуон сөп. Билигин кэлэн, итини чопчу билэр саарбах. Бу сыыһа хоһуйууга олоҕуран ботаник Джон Кер Голер 1804 сыллаахха Lilium pensylvanicum диэн аатынан классификаторга киллэрэр. Биэс сыл буолан сардаана дьиҥнээх бастакы көстүбүт сирэ сыыһа ыйыллыбыта биллэн, Голер сибэккини Lilium dahuricum — лилия даурская диэн көннөрөн ааттыыр.
Сибэкки аатынан кыргыттары ааттааһын бары омуктарга тарҕаммыт үгэс. Роза, Лилия, Маргарита, Жасмин, Айгуль, Цэцэг уонна да атын кыыс кэрэ аата сибэккигэ даҕатан ааттааһын. Сахаларга Сардаана билигин бэрт тэнийбит кыыс аата. Ол эрэн, бу ааты иҥэрии ХХ-с үйэҕэ эрэ үөдүйбүтэ биллэр. Буолаары буолан, бастакынан бу ааты ким сүкпүтэ биллэр быһыылаах. Сардаана Платоновна Ойуунускайа «Аҕам сырдык аата: Поэмалар, эссе, ыстатыйалар уонна ахтыылар» диэн кинигэтигэр “Сэрэйдэххэ, Платон Алексеевич оҕолорго ЗАГС-ҕа киллэриллэр сахалыы ааты иҥэрбит дьоннортон бастакылара быһыылаах эбит” диэн суруйар.
Ол курдук, Ойуунускай аймах оҕолоругар Дьулустаан, Саргылаан, Ньургустаана, Солбуйар, Айгылаана, Ньургун, Айталыына, диэн ааттаабыта биллэр. Улахан кыыһын Саргылаана, кыра кыыһын Сардаана диэн ааттаан аан бастаан докумуоҥҥа киирбит аат оҥорбут. Даҕатан эттэххэ, уруу чугас монгол уонна калмык омуктарга Сарана диэн кыыс аата киэҥник тарҕаммыт. Бүрээт, монгуол тыллларыгар сардаана «сараана, һараана, сарааныҥ цэцэг» диэн ааттанар.
Сардаана сибэкки кэрэ дьүһүнүттэн улаханнык эмсэҕэлээбит үүнээйи көрүҥэ. Онон “Саха сирин Кыһыл кинигэтигэр” киирбит, сокуонунан харыстанар үүнээйи. Ханнык даҕаны бүөм сиргэ үүммүтүн иһин ыраахтан умайан көстөр сибэккини киһи хараҕа тута булан көрөр. Кэнники кэмҥэ сардаананы үргүүр көҥүллэммэтин дьон үксэ өйдүүр, өйдөөбөттөрү буойар үрдүнэн, билигин даҕаны эриэккэс сибэккини үргүүр дьон көстөллөр. Онон, дьон олорор сирин таһынан сардаана үүнэрэ бэрт сэдэх. Холобур, Дьокуускай таһыгар сардаана айылҕаҕа үүнэн турарын көрөр саарбах. Социальнай ситимнэр үөдүйүөхтэриттэн дьон сардаана сибэкки аттыгар хаартыскаҕа түһээри Аммаҕа тиийэр үгэстэммиттэрэ. Дьиҥэр, сардаананы Саха сиригэр Бүлүү эбэ төрдүгэр тиийэ көрсүөххэ сөп.
Сорох дьон “сардаананы үргүүр көҥүллэммэтэ өйдөнөр, ол эрэн айылҕаттан дьиэ таһыгар көһөрүү ама бобулуннаҕай?” диэн ыйыталлар. Судургутук санаатахха, кырдьык, үүнээйини өлөрбөккө, биир сиртэн атын сиргэ көһөрүү, айылҕаҕа хоромньуну оҥорбот курдук. Ол эрэн, сокуон маннык дьайыыны кыккыраччы бобор, кыһыл кинигэҕэ киирбит үүнээйини түөрэн ылар бобуулаах. Ол да буоллар, сайын аайы дьиэҥ таһыгар кэрэ сибэкки тыллыытын көрүөххүн баҕарар буоллаххына, бу баҕа санааҕын сокуону кэспэккэ эрэ толоруоххун сөп. ХИФУ Ботаническай саадыгар сардаана үс көрүҥэ уонна сэттэ суорда үүнэр, мантан бэрт удамыр сыанаҕа атыылаһан ылан дьиэҥ, даачаҥ тиэргэнигэр үүннэриэххин сөп. Эбэтэр үүннэриинэн дьарыктанарга соло суох буоллаҕына, бэс ыйын бүтүүтэ, от ыйыгар Ботаническай саадка тиийэн (Дьокуускай, Покровскай шоссе 10 км, дь. 1 Б) тыллыбыт сардаана араас көрүҥнэрин көрөн, хаартыскаҕа түһэрэн үөрүөххэ сөп.
Ыстатыйа суруйарга көмөлөспүт биологическай наука дуоктара, ХИФУ Ботаническай саадын
дириэктэрин солбуйааччыга Александр Кононовка махталбын тиэрдэбин.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…