Бэс ыйын билгэтэ

Share

Бэс ыйа — от-мас, сир симэҕэ тиллэр, чыычаах ыллыыр, сайын саҕаланыыта, үрүҥ түүн түһүүтэ.

Норуот билгэлээһининэн, бэс ыйыгар түүн сылаас буоллаҕына  үрдүк үүнүүнү кэтэһиэххэ сөп. Сарсыарда туманнаах буоллаҕына тэллэй хойуутук үүнүө. Сарсыардааҥҥы сиик элбэҕэ — эмиэ үрдүк үүнүүгэ.  Дьон-сэргэ бэс ыйа хайдаҕый да, от үүнүүтэ миэ оннук буолуо дииллэр.

Күнү-дьылы билгэлииргэ маннык күннэри кэтээн көрүү ордук суолталаах:

3 — сөҥүү түстэҕинэ, күһүн эмиэ ардахтаах буолар.

7 — мүөттээх сиик түһэр. Сүмэһин таһаарар үүнээйи аһылыктаах үөн-көйүүр  тиллэр. Ыам бырдаҕа түһэр.

10 — чуумпу буоллаҕына, үрдүк үүнүүнү кэтэс.

12 — чэмэлкэй, ыраас, куйаас күннэр тураллар.

16 — хотугулуу-арҕааттан тыалырдаҕына, сайына ардахтаах. Этиҥнээх ардах — от үлэтэ уустуктук ааһарын бэлиэтэ. Күнү быһа самыырдаатаҕына — тэллэй элбэх.

21 — этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэр төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар.

22 — саамай уһун күн.

27 — ый бүтэһигэр «мас кэхтэр» тыала түһэр, онтон ардах түһэрэ от-мас үүнэригэр туһалаабат.

Саха ыалын халандаара, 2007, 2009, 2015  сс.

Recent Posts

  • Быһылаан

ГОСТ ирдэбилигэр эппиэттээбэт арыгынан эргинээри тутуллубут

Ленскэй оройуонун олохтооҕо маарката суох, ГОСТ ирдэбилигэр эппиэттээбэт арыгынан эргинээри сууттаммыт. Ол курдук, 60 саастаах…

8 часов ago
  • Сонуннар

Харбалаах уһуйаанын оҕолоро самаан сайыны көрүстүлэр

Ыам ыйын 29 күнүгэр Таатта улууһун Харбалаах сэлиэнньэтин уһуйааныгар  самаан сайыны көрсө “Үрүҥ тунах” ыһыах…

9 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Байыас каартатынан туһаныахха сөп дуо?

-- Байыаннай дьайыы зонатыгар сылдьар эбэтэр госпитальга сытар байыаннай сулууспалаах электроннай каартатынан атын киһи (аймаҕа,…

9 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Черскэйгэ 17 саастаах оҕо сууттанан, көҥүлэ быһынна

Аллараа Халыма улууһун Черскэй бөһүөлэгэр 17 саастаах оҕо киһини улаханнык эчэтэн, өлүүгэ тиэрдибитинэн холуобунай дьыала…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Халымаҕа оскуола уонна балыыһа тутуохтара

Ил Дархан Айсен Николаев оробуочай сырыытынан Аллараа Халыма оройуонугар сылдьан улуус баһылыга Ярослав Бандеровтыын көрүстэ.…

10 часов ago
  • Бэрээдэк

35 саастаах дьахтар гражданскай эрин быһахтаабыт

ИДьМ Нерюнгритааҕы отделын дьуһуурунай чааһыгар суһал көмө диспетчерэ 36 саастаах эр киһи быһаҕынан анньыллан балыыһаҕа…

10 часов ago