Бэс ыйын ураты күнэ
21.06.2025, 10:05

ЯСИА хаартыската
Бөлөххө киир:
Бэс ыйыгар от-мас чэлгийэр, сир-уот симэнэр, кэҕэ чоргуйар, чыычаах ырыата уҕараабат үтүөкэн кэмэ.
Бүгүҥҥү күнү маннык билгэлииллэр. Этиҥ этэрэ элбиир. Бу күн этиҥнээх ардах түстэҕинэ, от хомуура мөлтөх буолар дииллэр эбит. Ыһыах буолар.
Саамай уһун күн, саамай кылгас түүн. Саамай сырдык үрүҥ түүннэргэ киэһээҥҥи уонна сарсыардааҥҥы саһарҕалар оонньууллар. Күн муҥутаан үөһэ күөрэйэр.
Бэс ыйын билгэтин манна көрүөххэ сөп: https://sakha-sire.ru/bes-yjyn-bilgete/
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: