Бэтэрээн-педагогтар быыстапкалаатылар
Уус Алдан улууһун уһуйааннарын урукку сэбиэдиссэйдэрин түмсүүтэ «Хаачылаана» диэн ааттаах. Бу түмсүү 2010 сыллаахха тэриллибитэ. Бүгүн бэтэрээн педагогтар үөрэммит кыһаларыгар — С.Ф. Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэскэ уран оҥоһуктарынан быыстапкалаатылар уонна устудьуоннары кытта көрсөн, сүбэ-ама биэрдилэр, баай уопуттарыттан үллэһиннилэр.
Урут улууска оҕону оскуола иннинээҕи иитии үлэтэ күүскэ барара, күүстээх методическай холбоһуктар бааллара. Онон бииргэ үлэлииргэ, алтыһарга үөрэнэн хаалбыттар, биэнсийэҕэ тахсан баран, арахсыахтарын баҕарбатахтар. Ол иһин 30-тан тахса чилиэннээх бу түмсүүлэрин тэриммиттэр. Аан бастаан түмсүүнү Елизавета Федоровна Сивцева салайбыта. Билигин Наталья Григорьевна Говорова салайар.
«Хаачылааналар», төһө да араас нэһилиэктэргэ, куоракка тус-туспа олордоллор, сылга биирдэ-иккитэ хайаан да бары көрсөллөр. Уус Алдаҥҥа саҥа тутуллубут уһуйааннарга сылдьан көрөн-истэн, эдэр кэлиэгэлэригэр маастар-кылаас ыытан, уопут үллэстэн кэлэр идэлээхтэр. Күннэтэ «батсаабынан» кэпсэтэ-ипсэтэ, ким кыһалҕалаахха көмөлөһө олороллор. Ордук хамсык кэмигэр дьиэҕэ хаайтаран олороллоругар бу түмсүүлэрэ туһалаах, көдьүүстээх буолбут. «Бииргэ буолуу — улуу күүс!» диэн бэтэрээннэр этэллэр.
Былырыын Педагог, уһуйааччы сылыгар элбэх көрсүһүүлэри, маастар-кылаастары, быыстапкалары ыыппыттара.
— Биһиги олохпут тухары муспут уопуппутун, билиибитин, өбүгэбит үгэстэрин эдэр көлүөнэҕэ тиэрдэр ытык иэстээхпитин өйдүүбүт. Этэргэ дылы, «сэбиэскэй хатарыылаах дьон буоллахпыт». Билии-көрүү эрэ буолбакка, үлэҕэ эппиэтинэс, олоххо бэлэмнээх буолуу, о.д.а. өйдөбүллэри эдэр кэлиэгэлэрбитигэр тиэрдэбит, — диэн түмсүү салайааччыта Наталья Говорова кэпсиир.
Бэтэрээн педагогтар олоххо көхтөөхтөр эрэ буолбатахтар, биэнсийэҕэ олорон, дьоҕурдарын арыйаллар, иистэнэллэр, уруһуйдууллар, кэллиэксийэлииллэр, хоһоон суруйаллар, кинигэ таһаараллар. Ол уран оҥоһуктарын бу быыстапкаҕа көрдөрүүгэ туруордулар.
Светлана Афанасьевна Сивцева оҕуруоттан киэргэллэри, хартыыналары, сахалыы таҥастары, хаппардары, түүлээхтэн бэргэһэлэри тигэр, түүнү хатайдаан, бэргэһэлэри, сэлиэттэри оҥорор. Кини Өспөххө уһуйаан сэбиэдиссэйинэн, онтон Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия информационнай киинигэр үлэлээбитэ.
— Сааһырбыт дьон, биһиги, үлэттэн тохтоон баран, ыарыыларбытын өрө тутан, айакалыы-дьойоколуу сытыах да курдук этибит. Оттон маннык дьарыктаах, дьону-сэргэни кытта тэҥҥэ алтыһа, олох үөһүгэр сырыттаххына, ыалдьар, сытар соло да суох буолар. Өр көрсүбэтэхпитинэ, ахтыһабыт. Үлэҥ түмүгүттэн астынаҕын, олохтон дуоһуйууну ылаҕын. Тохтоон, олорон хаалыаххын баҕарбаккын. Илииҥ сылааһынан, үтүө санааҕынан сыдьаайан оҥорбут оҥоһуктарыҥ бастыҥ бэлэх буолаллар, үйэлэргэ хаалаллар, — диир кини.
Сааһырдым диэн олорон хаалбакка, олоххо көхтөөх буолуу — уһун үйэлэнии, чэгиэн буолуу төрдө. «Хаачылаана» түмсүү кыттыылаахтара ону бэйэлэрин холобурдарынан көрдөрөллөр. Кинилэргэ саамай аҕа саастаахтара 80-тан тахсыбыт. Ону тэҥэ, эдэр солбуктар эмиэ кэлэн иһэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: