Бэтэрээн-педагогтар быыстапкалаатылар

Share

Уус Алдан улууһун уһуйааннарын урукку сэбиэдиссэйдэрин түмсүүтэ «Хаачылаана» диэн ааттаах. Бу түмсүү 2010 сыллаахха тэриллибитэ. Бүгүн бэтэрээн педагогтар үөрэммит кыһаларыгар — С.Ф. Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэскэ уран оҥоһуктарынан быыстапкалаатылар уонна устудьуоннары кытта көрсөн, сүбэ-ама биэрдилэр, баай уопуттарыттан үллэһиннилэр.

Ааптар түһэриитэ

Урут улууска оҕону оскуола иннинээҕи иитии үлэтэ күүскэ барара, күүстээх методическай холбоһуктар бааллара. Онон бииргэ үлэлииргэ, алтыһарга үөрэнэн хаалбыттар, биэнсийэҕэ тахсан баран, арахсыахтарын баҕарбатахтар. Ол иһин 30-тан тахса чилиэннээх бу түмсүүлэрин тэриммиттэр. Аан бастаан түмсүүнү Елизавета Федоровна Сивцева салайбыта. Билигин Наталья Григорьевна Говорова салайар.

«Хаачылааналар», төһө да араас нэһилиэктэргэ, куоракка тус-туспа олордоллор, сылга биирдэ-иккитэ хайаан да бары көрсөллөр. Уус Алдаҥҥа саҥа тутуллубут уһуйааннарга сылдьан көрөн-истэн, эдэр кэлиэгэлэригэр маастар-кылаас ыытан, уопут үллэстэн кэлэр идэлээхтэр. Күннэтэ «батсаабынан» кэпсэтэ-ипсэтэ, ким кыһалҕалаахха көмөлөһө олороллор. Ордук хамсык кэмигэр дьиэҕэ хаайтаран олороллоругар бу түмсүүлэрэ туһалаах, көдьүүстээх буолбут. «Бииргэ буолуу — улуу күүс!» диэн бэтэрээннэр этэллэр.

Ааптар түһэриитэ.

Былырыын Педагог, уһуйааччы сылыгар элбэх көрсүһүүлэри, маастар-кылаастары, быыстапкалары ыыппыттара.

Биһиги олохпут тухары муспут уопуппутун, билиибитин, өбүгэбит үгэстэрин эдэр көлүөнэҕэ тиэрдэр ытык иэстээхпитин өйдүүбүт. Этэргэ дылы, «сэбиэскэй хатарыылаах дьон буоллахпыт». Билии-көрүү эрэ буолбакка, үлэҕэ эппиэтинэс, олоххо бэлэмнээх буолуу, о.д.а. өйдөбүллэри эдэр кэлиэгэлэрбитигэр тиэрдэбит, — диэн түмсүү салайааччыта Наталья Говорова кэпсиир.

Бэтэрээн педагогтар олоххо көхтөөхтөр эрэ буолбатахтар, биэнсийэҕэ олорон, дьоҕурдарын арыйаллар, иистэнэллэр, уруһуйдууллар, кэллиэксийэлииллэр, хоһоон суруйаллар, кинигэ таһаараллар. Ол уран оҥоһуктарын бу быыстапкаҕа көрдөрүүгэ туруордулар.

Ааптар түһэриитэ.

Светлана Афанасьевна Сивцева оҕуруоттан киэргэллэри, хартыыналары, сахалыы таҥастары, хаппардары, түүлээхтэн бэргэһэлэри тигэр, түүнү хатайдаан, бэргэһэлэри, сэлиэттэри оҥорор. Кини Өспөххө уһуйаан сэбиэдиссэйинэн, онтон Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия информационнай киинигэр үлэлээбитэ.

Сааһырбыт дьон, биһиги, үлэттэн тохтоон баран, ыарыыларбытын өрө тутан, айакалыы-дьойоколуу сытыах да курдук этибит. Оттон маннык дьарыктаах, дьону-сэргэни кытта тэҥҥэ алтыһа, олох үөһүгэр сырыттаххына, ыалдьар, сытар соло да суох буолар.  Өр көрсүбэтэхпитинэ, ахтыһабыт. Үлэҥ түмүгүттэн астынаҕын, олохтон дуоһуйууну ылаҕын. Тохтоон, олорон хаалыаххын баҕарбаккын. Илииҥ сылааһынан, үтүө санааҕынан сыдьаайан оҥорбут оҥоһуктарыҥ бастыҥ бэлэх буолаллар, үйэлэргэ хаалаллар, — диир кини.

Ааптар түһэриилэрэ

Сааһырдым диэн олорон хаалбакка, олоххо көхтөөх буолуу — уһун үйэлэнии, чэгиэн буолуу төрдө. «Хаачылаана» түмсүү кыттыылаахтара ону бэйэлэрин холобурдарынан көрдөрөллөр. Кинилэргэ саамай аҕа саастаахтара 80-тан тахсыбыт. Ону тэҥэ, эдэр солбуктар эмиэ кэлэн иһэллэр.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

11 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

1 час ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

1 час ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

1 час ago
  • Сонуннар

Оҕолор нэһилиэктэрин сонунун куйаар ситимигэр таһаардылар

Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…

2 часа ago