Бэтэрээн Петр Яковлевы эҕэрдэлээтилэр

Share

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Тиэргэнинэн ыллыыбыт» аахсыйа чэрчитинэн, ыам ыйын 6 күнүгэр Дьокуускайга олорор сэрии бэтэрээннэрин эҕэрдэлээтилэр. 203-с түөлбэҕэ олорор Петр Яковлевы бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, тиийэн, эҕэрдэлээтэ. Эстрада тыйаатырын артыыстара Кыайыы туһунан үйэлээх ырыаларын бэлэхтээтилэр.

Петр Константинович Яковлев — Японияны утары сэрии бэтэрээнэ, Аҕа дойду сэриитин II истиэпэннээх уордьанын, икки «Бочуот Знага» уордьан кавалера, Саха сирин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.

Улуу Кыайыы күнүн көрсө үгэскэ кубулуйбут аахсыйабытын ыытабыт. Бу күн сэрии бэтэрээннэрин көрсөн, кэпсэтэн, эҕэрдэлиибит, махтал тылларын этэбит, кинилэр олохторун, хорсун быһыыларын, үлэлэрин ахтабыт-саныыбыт. Петр Константинович үүнэр көлүөнэҕэ холобур буолар киһи. Оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин үтүө дьон буолалларын курдук кыһаллан иитэн таһаарбыта, кинилэр эһэлэрин олус таптыыллар, сыаналыыллар. Кини мэлдьи көхтөөх, туох баар уопсастыбаннай тэрээһиннэргэ кыттар. Бу улуу бырааһынньыкка киниэхэ чэгиэн доруобуйаны, дьолу баҕарабыт, — диэн Сергей Местников эттэ.

Петр Яковлев сэриигэ алта сылы быһа сылдьыбыта. 1950 сыллаахха дойдутугар кэлэн баран, Ленинградтааҕы университекка үөрэммитэ. Кини Сунтаардааҕы ССКП райкомугар, «Элгээйи» сопхуос парткомун сэкиритээринэн, САССР Миниистирдэрин сэбиэтин инструкторынан, о.д.а. 70 сааһын ааһыар диэри үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.

Кэргэнэ Ирина Николаевналыын түөрт оҕону төрөтөн, иитэн-улаатыннартаан, атахтарыгар туруорбуттара. Кэргэнэ 2013 сыллаахха суох буолбута. Билигин тоҕус сиэннээх, сэттэ хос сиэннээх дьоллоох эһээ буолар.

Петр Константинович быйыл 99 сааһын туолар, билигин да көхтөөх, сэргэх,  уопсастыбаннай олоххо кыттыһар, куорат бэтэрээннэрин сэбиэтин чилиэнэ. Хаһыаттары ааҕар, тэлэбиисэри көрөр буолан, сонуннары истэ-билэ олорор.

Хаартыска: СИА.
Хаартыска: СИА.
What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

49 минут ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

15 часов ago