Хаартыска: Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕрдоһууларын дьиэтин ТГ-ханаалыттан.
Бу күннэргэ А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ Арассыыйа норуоттарын дьиэтэ тэрийэр Бүтүн Арассыыйатааҕы “Бэтэрээҥҥэ ыалдьыттыыбыт” аахсыйаҕа кыттар.
Муус устар 10 күнүттэн ыам ыйын 10 күнүгэр диэри дойду үрдүнэн эйэлээх халлааны бэлэхтээбит дьоҥҥо истиҥ махтал тыллары этэллэр.
Тэрээһин кыттыылаахтара биир ый устата Аҕа дойду сэриитин уонна тыыл бэтэрээннэригэр, Ленинград блокадатыттан тыыннаах хаалбыттарга, сэрии оҕолоругар сылдьыахтара. Кинилэр хас биирдии дьоруойга астаах-үөлээх бэлэх ууналлар. Манна Саха сирин минньигэс отонун барыанньата уонна “Сказки Туймаады” кэмпиэт, Татарстан чак-чак минньигэһэ, Белоруссия сыата уонна зефирэ, Узбекистан эриэхэтэ, Азербайджан чэйэ, Башкирия мүөтэ уо.д. а. ас арааһа баар.
Быһата, Саха сиригэр олорор элбэх омук дьонун тапталынан, махталынан уонна сомоҕолоһуутунан угуттаммыт ураты бэлэх.
Маннык күндү бэлэҕи бэтэрээннэргэ дьиэлэригэр тиийэн туттараллар.
2026 сыл Уот кыһыл ат сыла буоларынан уонна улууспутугар ыытыллар Олонхо сылынан Сииттэ олохтоохторугар ураты,…
Бүгүн Үөһээ Бүлүүттэн ааҕааччыбыт, элбэх ырыа куонкуруһун кыайыылааҕа, ырыаһыт Ариан Федоров үүнэр 2026 сылы көрсө…
Саҥа дьыл кэнниттэн сорохторго өссө биир уоппуска кэмэ наадатын курдук буолар. Тоҕо диэтэххэ, урукку тэтимнэригэр…
Аҕыйах оҕону бэлэмнээн, хаар түспүтүн кэннэ сыарҕалаах ат булан, пиэримэҕэ кэнсиэрдии барабыт. Миигин бэлэмнээн биллэрээччи…
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Эһигини үүнэн эрэр Саҥа 2026 сылынан уонна Ороһуоспанан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил…
Илиҥҥи халандаар этэринэн, хас биирдии сыл гороскопка баар 12 кыыл салалтатынан ааһар. Үүнүөхтээх 2026 сыл…