Бэтэрээннэргэ — ураты бэлэх

Share

Бу күннэргэ А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ Арассыыйа норуоттарын дьиэтэ тэрийэр Бүтүн Арассыыйатааҕы “Бэтэрээҥҥэ ыалдьыттыыбыт” аахсыйаҕа кыттар.

Муус устар 10 күнүттэн ыам ыйын 10 күнүгэр диэри дойду үрдүнэн эйэлээх халлааны бэлэхтээбит дьоҥҥо истиҥ махтал тыллары этэллэр.

Тэрээһин кыттыылаахтара биир ый устата Аҕа дойду сэриитин  уонна тыыл бэтэрээннэригэр, Ленинград блокадатыттан тыыннаах хаалбыттарга, сэрии оҕолоругар сылдьыахтара. Кинилэр хас биирдии дьоруойга астаах-үөлээх бэлэх ууналлар. Манна Саха сирин минньигэс отонун барыанньата уонна “Сказки Туймаады” кэмпиэт, Татарстан чак-чак минньигэһэ, Белоруссия сыата уонна зефирэ, Узбекистан эриэхэтэ, Азербайджан чэйэ, Башкирия мүөтэ уо.д. а. ас арааһа баар.

Быһата,  Саха сиригэр олорор элбэх омук дьонун тапталынан, махталынан уонна сомоҕолоһуутунан  угуттаммыт ураты бэлэх.

Хаартыска: Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕрдоһууларын дьиэтин ТГ-ханаалыттан.

Маннык күндү бэлэҕи бэтэрээннэргэ дьиэлэригэр тиийэн туттараллар.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Алексей Еремеев: «Үүнэн эрэр Саҥа 2026 сылынан!»

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Эһигини үүнэн эрэр Саҥа 2026 сылынан уонна Ороһуоспанан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил…

49 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Уот кыһыл ат сылыгар туох күүтэрий?

Илиҥҥи халандаар этэринэн, хас биирдии сыл гороскопка баар 12 кыыл салалтатынан ааһар. Үүнүөхтээх 2026 сыл…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев: «Ис сүрэхпиттэн үүнэн иһэр 2026 сылынан эҕэрдэлиибин!»

Ис сүрэхпиттэн үүнэн иһэр 2026 сылынан эҕэрдэлиибин! Биһиги XXI үйэ иккис чиэппэригэр үктэнэбит. Бэлиэ түгэннэринэн, чаҕылхай ситиһиилэринэн…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: ахсынньы 31 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл хайдаҕый? Төһө тымныйарый? Хаар түһэр дуо? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа өттүгэр сорох сиринэн кыра…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сириттэн — Кытай Харбинын хаар уонна муус бэстибээлин дьүүллүүр сүбэтигэр

Бу ый саҥатыгар Норуоттар икки ардыларынааҕы “Саха сирин бриллианнара” хаар уонна муус оҥоһук бэстибээлигэр араас…

16 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Түмэн дьокутаата Гаврил Алексеев быыбардааччыларын кытта өрүү бииргэ

Ааһан эрэр 2025 сыл Өймөкөөн улууһун олохтоохторугар айылҕа иэдээнэ -- алдьатыылаах халаан үгүс хоромньуну оҥорон,…

16 часов ago