Бэтэринээрдэр Африка чумаатын бохсорго үөрэннилэр
Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 14 күнүгэр, СӨ Бэтэринээрийэҕэ департаменын көҕүлээһининэн, Арктическай судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ипподромугар Африка чумаатын бохсорго үөрэттилэр.
Сурах быһыытынан, Дьокуускайга чааһынай хаһаайыстыбаҕа бу чумааттан үс сибиинньэ өлбүт. Бэтэринээринэй сулууспа исписэлиистэрэ миэстэтигэр тиийэн өссө биэс сибиинньэ ыалдьыбытын булбуттар. Бу сурахха олоҕуран, өскөтүн Африка чумаата өрө турар түгэнигэр эпизоотическай көрдүгэни бохсорго аналлаах үлэни тэрийиигэ үөрэтии ситиһиилээхтик ыытыллыбыт.
Бу туһунан СӨ Бэтэринээрийэҕэ департаменын салайааччыта Петр Петров санаатын үллэһиннэ:
— Тэрээһиҥҥэ уопсайа бэтэринээринэй сулууспа 80 үлэһитэ кыттыыны ылла. Ону сэргэ уон тиэхиньикэ уонна биир дезинфекциялыыр тэрил туһанылынна. Эпизоотическай көрдүгэн тарҕаныан сөп, тоҕо диэтэххэ, ыаллыы сытар Амур уобалаһыгар икки көрдүгэн баара биллибитэ. Уопсайа Арассыыйа үрдүнэн Африка чумаатын 35 түгэнэ бэлиэтэммитэ. Тэрээһиҥҥэ исписэлиистэр суһал, сөптөөх үлэни тэрийэр кыахтаахтарын көрдөрдүлэр. Эһиил маннык үөрэҕи оройуоннар икки ардыларыгар ыытары былаанныыбыт. Ол курдук киин, өрүс уҥуор уонна Бүлүү бөлөх улуустарыгар тэрийиэхпит.
Африка чумаата түргэнник тарҕанар вируснай ыарыы буолар. Олус түргэнник тарҕанар уонна сибиинньэлэри маассабайдык эһэр айылгылаах. Африка чумаатын утары быһыы суох. Бу ыарыы киһиэхэ куттала суох, ол эрээри сибиинньэ иитиитинэн дьарыктанар хаһаайыстыбаларга улахан хоромньуну оҥорор кутталлаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: