Мархатааҕы бэтэринээринэй учаастакка дьикти пациены — суолга сытар мэкчиргэни аҕалбыттар. Бу түүлээх атахтаах мэкчиргэ көтөр кыаҕа суох, аҥаар кынатын соһо сылдьар, олох хамсаппат эбит.
Бэтэринээрдэр көрөн-истэн баран, туох да ыарыыны булбатахтар, туруга син арыый эбит. Рентгеҥҥэ түһэрэн баран, тостууну, атын да уларыйыыны булбатахтар. Онон тоҕо эрэ аччыктаан, күүһэ-сэниэтэ эстэн, ыран сылдьар диэн быһаарбыттар. Үчүгэйдик аһатыы, көрүү-истии, битэмииннэри биэрии ирдэнэрин ыйбыттар.
Балтараа нэдиэлэ буолан баран, мэкчиргэ сэниэлэммит, туруга тупсубут. Онон ойуурга төтөтрү ыыппыттар диэн Бэтэринээрийэ департамена иһитиннэрэр.
Түүлээх атахтаах мэкчиргэ — бу кыра көтөр, холууп саҕа кээмэйдээх. Уһуна — 21-27 см/, кынатын уһуна — 16-189 см, ыйааһына — 120-190 г. Улахан төбөлөөх, төп-төгүрүк харахтаах, түүлээх кыракый кулгаахтаах. Харыйа, бэс мастаах хараҥа ойуурга олорорун сөбүлүүр. Хонууга, сыһыыга тахсара бэрт сэдэх. Кыра кутуйахтары, чыычаахтары бултаан аһыыр.
Сороҕор айылҕа оҕолоро эмиэ көмөҕө наадыйаллар. Ону ааһа барбакка, амарах санааттан, ис сүрэхтэн көмөлөһүү айыы киһитин сиэрэ буолар.
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электроыстаансыйа (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…
Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…