Бэтэринээринэй-чинчийэр лаборатория 8,26 мөл солк. саҥа тэрили ылла
Саха сиринээҕи өрөспүүбүлүкэтээҕи бэтэринээринэй-чинчийэр лаборатория эргэрбит оборудованиеларын саҥардыбыт.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэтэринээрийэ департаменын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, быйыл “АПК бородууксуйатын экспора” эрэгийиэннээҕи бырайыагы үлэлэтии чэрчитинэн Саха сиринээҕибэтэринээринэй-чинчийэр лаборатория 8,26 мөл солк. тэрили ылбыт.
Ол курдук, тустаах лаборатория серология отделыгар термостаттары, эми харайар холодильниктары, морозильниктары, бактериологическай отделга электрическэй суховоздушнай термостаттары, лабораторнай центрифуганы, мэдиссиинискэй шейкердэри, ультразвуковой ванналары уонна дозатордары ылбыт. Онон эргэрбит оборудованиеларын саҥардыбыттар.
“Саҥа тэрил Саха сиринээҕи өрөспүүбүлүкэтээҕи бэтэринээринэй-чинчийэр лабораторияҕа тиэрдилиннэ. Исписэлиистэр хайы-үйэ итилэринэн туһанан сылдьаллар. Оборудование тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын чинчийиини көдьүүстээхтик чинчийиигэ көмөлөһүөҕэ. Ону тэҥэ кыыллар, көтөрдөр кутталлаах ыарыыларын чинчийиигэ эмиэ туһаныллыахтара. Бэтэринээрийэ лабораторияларын үлэлэриттэн эрэгийиэҥҥэ эпизоотическай турук тутулуктаах”, — диэн СӨ Бэтэринээрийэ департаменын салайааччыта Петр Петров бэлиэтээтэ.
“АПК бородууксуйатын экспора” эрэгийиэннээҕи бырайыак үбүн-харчытын “Норуоттар икки ардыларынааҕы кэпэрээссийэ уонна экспорт” национальнай бырайыагынан федеральнай бүддьүөттэн бэрилиннэ. Бу сыл бүтүүтэ тустаах лаборатория өссө 243 тыһ солк. тэрили атыылаһыаҕа.
СӨ Бэтэринээрийэ департаменын пресс-сулууспатын матырыйаала
Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова
Хаартыска: тустаах саайтан
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: