Бетулиннаах килиэп баар буолла
Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтэ бетулиннаах килиэби оҥорон атыылыыр буолуоҕа. Бу килиэби кэмбинээт Биологическай кыһалҕалар уонна криолитозона институтун кытары бииргэ үлэлэһэн оҥорбуттар.
Аҕыйах сыллааҕыта Саха сирин учуонайдара “Бетукладин” диэн коронавируһу эмтиир эми айбыттарын истибит буолуохтааххыт. Ол эми хатыҥ туоһуттан уонна лабыктаттан оҥорбуттара, ордук тыҥаҕа туһалааҕа биллибитэ. Оттон бетулин атын эмтэргэ эмиэ туһаныллар. РФ Доруобуйаҕа министиэристибэтэ бетулины аска эбэн сиир туһалаах эбилик (БАД) быһыытынан мэктиэлээбитэ. Куруук сиир буоллахха, эмтиир дьайыылаах.
Институт экологическай, мэдиссиинискэй биохимияҕа, биотехнологияҕа отделын сэбиэдиссэйин э.т. Михаил Шашурин:
— Бетулин туһатын туһунан учуонайдар ааспыт үйэ 90-с сылларыттан ыла билэллэр, дириҥник үөрэтэн барбыттара. Бу бэссэстибэни туһаҕа таһаарар туһуттан, чинчийэн баран, 2017 сыллаахха хатыҥ туоһуттан бетулины ылар кыахтаммытым. Бетулин киһи доруобуйатыгар 15 көрүҥтэн итэҕэһэ суох туһалаах дьайыылаах. Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтин кытары бииргэ үлэлэһэн, кэлин өссө да атын эбиликтэрдээх бородууксуйаны оҥорон таһаарар былааннаахпыт, — диэн этэр.
Бу иннинэ кэмбинээт лабыкталаах килиэби оҥорон таһаарбыта дьон сэҥээриитин ылбытын санатар тоҕоостоох. Амтана эрэ буолбакка, доруобуйаҕа туһалааҕа эмиэ кэрэхсэтэр. Чахчыта, билигин маҕаһыыннарга килиэп арааһа баар. Онуоха дьон көннөрү доруоһалаах үрүҥ килиэби буолбакка, ыраастамматах бүтүн бурдуктан буһарыллыбыт, аһытыылаах, араас эбиликтэрдээх килиэби сииллэрин ордорор буоллулар.
Бетулиннаах килиэп быарга, иммунитекка, сүрэххэ-тымырга үчүгэйдик дьайар. Организмҥа иһии баарын, искэн тахсарын намтатар, бактыарыйаны, вируһу утары охсуһар, антиоксидант быһыытынан эмиэ дьайар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: