Салгыы
Бөтүҥҥэ Таллан Бүрэ айымньыларынан бэстибээл ыытылынна

Бөтүҥҥэ Таллан Бүрэ айымньыларынан бэстибээл ыытылынна

16.09.2024, 14:45
Хаартыска: Нам улууһун кииннэммит бибилэтиэкэтэ.
Бөлөххө киир:

Нам улууһун Бөтүҥ нэһилиэгэр «Таллан Бүрэ күһүҥҥү фантазията» диэн литературнай бэстибээл буолан ааста.

Хаартыска: Нам улууһун кииннэммит бибилэтиэкэтэ.

Бөтүҥ орто оскуолата саха биллиилээх бэйиэтэ, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Ефрем Степанович Сивцев-Таллан Бүрэ  аатын сүгэр. Онон кини аатын үйэтитиигэ үгүс үлэ ыытыллар. Бу литературнай бэстибээл хаһыс да сылын ыытылынна.

Бэстибээлгэ Нам улууһун баһылыгын солбуйааччыта Юрий Дьяконов,  Таллан Бүрэ улахан уола Тит Ефремович, кыыһа Анастасия Ефремовна, сиэнэ Айылла Ильинична Сивцевтэр, СӨ норуодунай суруйааччыта Павел Николаевич Харитонов-Ойуку, «Отуу уота» литературнай түмсүү чилиэннэрэ ыалдьыттаатылар.

Бу күн Бөтүҥҥэ 11 оскуолаттан айар куттаах үөрэнээччилэр түмүстүлэр. Күрэс биэс көрүҥэр улуус оскуолаларыттан барыта 57 үөрэнээччи кытынна.

«Арт-мэтириэт» күрэскэ 22 кыттааччы Нам улууһун суруйааччыларын мэтириэттэрин  талан ылан уруһуйдаата. Нам 1-кы №-дээх орто оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччитэ Милана Павлова кыайыылааҕынан таҕыста.

«Мин улууһум суруйааччыта…» түһүмэххэ 8 кыттааччы Нам улууһун суруйааччыларын туһунан кэпсээтилэр. Хатыҥ Арыы орто оскуолатын 5 “б” кылааһын үөрэнээччитэ Нарияна Охлопкова 1-кы үрдэли ылла.

«Кэллим кэпсээри» түһүмэххэ 14 кыттааччы бэйэлэрэ айбыт айымньыларын аахтылар. Хатырык орто оскуолатын 11-с кылааһын  үөрэнээччитэ Милена Молодова кыайда. Кини кыра эрдэҕиттэн хоһоон суруйар, кинигэтэ бэчээттэммитэ.

«Күлүм иэйии» тута хоһуйуу түһүмэҕэр бэриллибит тиэмэҕэ 15 мүнүүтэҕэ түөрт субурҕалаах хоһоону айан, 6 кыттааччы эр-биир түһүстэ. Манна Бөтүҥ орто оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Зарина Яковлева кыайда.

«Тылбаас» түһүмэҕэр Таллан Бүрэ хоһоонун нууччалыыттан сахалыы 7 кыттааччы тылбаастаата. Кыайыылааҕынан Хатыҥ Арыы оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Виола Винокурова ааттанна.

Таллан Бүрэ оҕолоро Бөтүҥ оскуолатын чулуу үөрэнээччитигэр сыллата аҕаларын аатынан истипиэндьийэни аныыллара кэрэхсэбиллээх. Маны тэҥэ, бэстибээлгэ тыыппалаах оҕолору таба көрөн, быйыл Дамир Мухиҥҥа (Хатырык), Ан Кристинаҕа (Нам), Эдита Алексееваҕа (Нам) Анал ааттары туттардылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: