Горнай улууһугар «Саха суруйааччыларын айымньыларын дорҕоонноохтук ааҕыахха» бырайыак болҕомтону тардар.
«Кии сыта — нэһилиэк олоҕун санатта», — диэтилэр оҕолор Бэрдьигэстээххэ П.Д.Аввакумов аатынан киин бибилэтиэкэ «Саха суруйааччыларын айымньыларын дорҕоонноохтук ааҕыахха» бырайыагын саҕалаабытыгар.
Семен Данилов аатынан оскуола сайыҥҥы лааҕырын оҕолоро саха норуодунай суруйааччыта Софрон Данилов «Кии сыта» кэпсээнин иһиттилэр. Маатта үрэх кэрэ миэстэтигэр
«Сыккыс» литературнай түмсүү кыттыылааҕа Жанна Парфенова түптэ унаар буруотунан оҕолору көрүстэ. Суруйааччы саха киһитигэр кии сыта төрөөбүт дойдутугар тапталын, ахтылҕанын бэлиэтэ буоларын быһаарда. Бибилэтиэкэр Лена Саввинова биир дойдулаахпыт Софрон Даниловка анаммыт ыйытыктары оҕолорго биэрдэ. Кыайыылаах суруйааччы кинигэтинэн бэлиэтэннэ. Туһалаах, истиҥ көрсүһүүттэн тэрээһи н кыттыылаахтара бары да сэргэхсийдибит.
Лена Саввинова,
П.Д. Аввакумов аатынан киин бибилитиэкэ сэбиэдиссэйэ,
Горнай.
2025 сылга болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…
Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…
Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…
Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…
Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…
Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…