Бибилэтиэкэ 100 сылынан

Share

Быйыл Уус Алдан улууһугар Бороҕоҥҥо бастакы норуодунай бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылын туолла.

Бу бэлиэ даатанан улууспутугар тэрээһиннэр тиһиктээхтик ыытыллаллар. Ол курдук, сыл устата киин бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ «100 сыл кэрэни, сырдыгы саҕан» үбүлүөйдээх анал бырагырааманан хас биирдии нэһилиэккэ сылдьан быыстапкалаах, ырыа-тойук доҕуһуоллаах сырдатар-биллэрэр тэрээһиннэри тэрийэн, олохтоохтор сэҥээриилэрин ылаллар.

Соторутааҕыта Суоттуга Уус Алдан кииннэммит бибилэтиэкэтин тиһигин дириэктэрэ И.Д.Копырин, үлэһиттэр С.М.Черкашина, А.Н.Готовцева, М.Н.Гоголева, М.П.Заболоцкая, Н.Н.Портнягина сарсыардаттан кэлэн Суотту, Хоноҕор бибилэтиэкэлэригэр сырыттылар, оскуолаларга бибилэтиэкэ уруоктарын, билиини-көрүүнү тургутар оонньуулары ыыттылар. Күнүс 12 чаастан Суоттутааҕы «Мичээр» СК тэрээһин сүрүн чааһа үөрүүлээхтик ыытылынна. Ыалдьыттары көрсүү сиэрин-туомун «Мичээр» СК уус-уран салайааччыта Устинья Борисова оҥордо.

Улууска, нэһилиэккэ библиотека эйгэтин, сайдыытын кэпсиир быыстапкалар, киин бибилэтиэкэ «Бибилэтиэкэ сайдыытын түһүмэхтэрэ» иһитиннэриитэ сэҥээриини ыллылар. Бэлиэ күҥҥэ нэһилиэк аҕа баһылыга В.И.Иванов Суотту, Хоноҕор бибилэтиэкэлэригэр сэртипикээттэри туттарда. Улуус кииннэммит бибилэтиэкэтин тиһигин дириэктэрэ И.Д.Копырин бибилэтиэкэ бэтэрээн үлэһиттэригэр, бибилэтиэкэни өйүүр нэһилиэк тэрилтэлэригэр, эрэллээх ааҕааччыларга махтал суруктары, өйдөбүнньүк кинигэлэри туттарда. Дьоро күнүнэн Уус Алданнааҕы тиэхиньикумтан үҥкүү бөлөҕө (сал. Алена Охлопкова), кэрэ куоластаах ырыаһыт Лена Заровняева, улуустааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын Суоттутааҕы филиалын иитиллээччилэрэ (уһуйааччы Наталья Заровняева), «Иэйии» вокальнай ансаамбыл (сал. Мария Новгородова) истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр.

Маны тэҥэ тэрээһиҥҥэ Суотту нэһилиэгин олохтоохторо, тэрилтэ үлэһиттэрэ, уопсастыбаннай түмсүүлэр, кинигэни таптаан ааҕааччылар кэлэн көхтөөх кыттыыны ыллылар, баҕа санаа бастыҥын, эҕэрдэ тыл эгэлгэтин эттилэр.

Бу үтүө күнү бэлэхтээбит Уус Алдан кииннэммит бибилэтиэкэтин тиһигин үлэһиттэригэр Суотту нэһилиэгин олохтоохторун ааттарыттан махталбытын тиэрдэбит.

Раиса Черкашина,

Суотту, Уус Алдан.

Хаартыскаларга Екатерина Татаринова, Валерий Заровняев түһэриилэрэ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

9 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

11 часов ago