Бибилэтиэкэр бары өттүнэн дэгиттэр буолуохтаах
Н.Д.Неустроев аатынан SMART-бибилэтиэкэ аныгы ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир киэҥ хабааннаах үлэтинэн-хамнаһынан Дьокуускай куоракка эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ уонна Арассыыйаҕа киэҥник биллэр.
Бибилиэтэкэ 2019 сыллаахха куорат тупсаҕай көстүүлээх саҥа оройуонугар, 203-с микрооройуоҥҥа аһыллыбыта. “Бу оройуоҥҥа кэллэхпинэ, хайдах эрэ атын соҕуруу куоракка сылдьар курдук сананабын” диэн элбэх киһи этэрин истэбин. Онуоха, чуолаан SMART-бибилэтиэкэ эмиэ оруоллааҕа буолуо диэн бигэ эрэллээхпин. Тоҕо диэтэххэ, бибилэтиэкэ хайа күн аһыллыаҕыттан манна куорат да, өрөспүүбүлүкэ да таһымнаах араас тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытыллаллар, онно эдэрдиин-эмэнниин бары сөбүлээн сылдьаллар.
Кистэл буолбатах, сорох дьоҥҥо: “Бибилэтиэкэ үлэһитэ ааҕааччыга кинигэ биэрэ-ыла олорор үлэлээх, ааҕааччы суох буоллаҕына, кинигэлэр быыстарыгар эрэ сылдьар” диэн урукку өйдөбүлэ билигин да иҥэн хаалбыт эбит. Дьэ, маннык санаа сыыһалааҕын уонна тутаҕын SMART-бибилэтиэкэҕэ биирдэ эрэ сылдьыбыт киһи да өйдүүр. Бу истиин-тастыын аныгылыы оҥоһуулаах мааны дьиэҕэ бибилэтиэкэ, култуура киинин уонна араас умнуллубат түгэннэр ыытыллар былаһааккаларын быһыытынан үлэ-хамнас күөстүү оргуйар. Манна ким баҕарар бибилэтиэкэ уруоктарыгар, маастар-кылаастарга, бэстибээллэргэ, куонкурустарга, быыстапкаларга, араас бырайыактарга кэллэҕинэ, кинини кытары бибилэтиэкэрдэр быһаччы үлэлэһэллэр. Онуоха бибилэтиэкэ 2 киинэ уонна араас хайысхалаах 7 отдела төһүү күүс буолаллар. Элбэхтэн аҕыйаҕы холобурдаатахха, сааһыран эрэр дьону көмпүүтэргэ үлэлииргэ үөрэтии, «Финансики» (үбү сатаан туттууга үөрэтии), «Инсайдеры» (аныгы идэлэри билиһиннэрии) уо.д.а. курдук кэрэхсэбиллээх бырайыактар, виртуальнай быыстапкалар, бибилэтиэкэ куруук саҥардылла турар саайта уо.д.а. ааҕааччы киэҥ сэҥээриитин ылаллар.
Бибилэтиэкэр идэтэ кэскиллээх
Ньургуйаана Петровна Решетникова, Дьокуускайга Кииннэммит бибилэтиэкэлэр систиэмэлэрин дириэктэрэ:
– Биһиги кииннэммит бибилэтиэкэбит Дьокуускайга, куорат таһынааҕы нэһилиэктэргэ 18 салаалаах (филиаллаах) уонна Табаҕаҕа, Тулагы Сыырдааҕар стационарнай пууннардаах.
SMART-бибилэтиэкэ Ил Дархан Айсен Николаев ырааҕы көрөн көҕүлээһининэн, 2019 сыллаахха тутуллан үлэҕэ киирбитэ уонна өрөспүүбүлүкэҕэ бибилэтиэкэлэр үлэлэрин үрдүк таһымҥа таһаарда. Ону биһиги бырайыактарбыт, тэрээһиннэрбит, ол иһигэр чугаһынан ыллахха, соторутааҕыта ыытыллыбыт “Книжный ветер” кинигэ дьаарбаҥката ситиһиилээхтик ааспыта уонна ааҕааччыларбыт махталлара туоһулууллар дии саныыбыт.
Ордук киэн туттарбытынан биһиги үлэһиттэрбит буолаллар. Кинилэр үгүстэрэ – кып-кыра хамнаска идэлэригэр бэриниилээхтэринэн үлэлээн кэлбит дьон. Онон “биһиги инники иһээччилэрбит” диэхпин баҕарабын. Олох ирдэбилэ билигин олох атын. Бибилэтиэкэр – бэйэтэ педагог, психолог хаачыстыбалардаах буолуохтаах, үчүгэйдик саҥарыахтаах, тэрээһиннэри ыытыахтаах, сценарий суруйуохтаах, ааҕааччыны кытары өйдөһүөхтээх, омук тылын билиэхтээх, саҥа технологиялары баһылыахтаах уо.д.а. Биир тылынан эттэххэ, чэпчэкитэ суох үлэ.
Биһиги салааларбыт кырата 5-6 тыһыынча пуондалаахтар. Бибилэтиэкэр ханнык кинигэ ханан баарын барытын эндэппэккэ билиэхтээх. Билигин үчүгэйэ диэн электроннай каталог баар, онон арыый судургутуйда. Ол гынан баран, үлэһит чуолаан саҥа кэлбит кырачаан ааҕааччыны угуйуон, кинигэни ааҕарга ымсыырдыан наада. Онуоха кинигэ ис хоһоонун кэпсиир туһугар бэйэтэ аахпыт буолуохтаах. Кини кыра киһиэхэ кинигэни аахтараары судургу бэйэлээхтик “бу наһаа үчүгэй кинигэ” диэн үөрбүтэ-көппүтэ буоларын кырачаан ааҕааччы тута билэр, сэрэйэр. Эбиитин, билиҥҥи оҕолор элбэх информацияны илдьэ сылдьаллар. Биһиги оҕолорго биир соҕотох бибилэтиэкэлээхпит, ол “Моя библиотека” диэн 15-с салаабыт. Бу бибилэтиэкэ кэлэктиибэ оскуолалар, лиссиэйдэр, гимназиялар үөрэнээччилэрин кытары олус үчүгэйдик үлэлиир. Дьиэлэрэ улахана буоллар, өссө элбэх оҕо сылдьыа этэ. Биһиэхэ эмиэ нуорма диэн баар, онон 4 хостоох КПД дьиэҕэ 20-тэн элбэх оҕону батарбаккын.
Уопсайынан, билиҥҥи оҕо аахпат дииллэригэр сөбүлэспэппин. Кинилэр кумааҕы кинигэни сэргэ электроннай көрүҥүнэн ааҕаллар. Биһиэхэ кэлбит оҕону куоракка пропискалааҕыттан, прописката суоҕуттан тутулуга суох, үөрэ-көтө көрсөбүт, киниэхэ сынньанар, ааҕар усулуобуйата барыта, ол иһигэр иккис этээскэ “обургу оҕо зоната” баар. Төрөппүттэр уонна эбээлэр-эһээлэр оҕолорун, сиэннэрин аан бастаан сиэтэн аҕалалларын көрөр наһаа долгутуулаах. Онон ааҕааччылар көлүөнэлэрин утума салҕанарыттан үөрэбит.
Атын эрэгийиэннэри кытары үлэлэһэбит. Бибилэтиэкэ дьыалатыгар методическай-сүрүннүүр үлэ үчүгэйдик тэриллэр. Арассыыйа Национальнай бибилэтиэкэтэ сэминээрдэри, үөрэхтэри, стажировкалары, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ идэни үрдэтэргэ элбэх үлэни ыыталлар. Арассыыйаҕа “Большая книга” диэн литература бириэмийэтигэр кыайбыт суруйааччылар Дьокуускайга кэлэргэ баҕаралларын биллэрэн биһиэхэ суруйбуттара. Онон быйыл күһүн Дьокуускайга кэлэн, SMART-бибилэтиэкэҕэ уонна салааларбытыгар сылдьыахтара, ааҕааччыларбытын кытары көрсүөхтэрэ. Итинтэн биһиги үөрэбит эрэ. Ол аата биһиги үлэбитин көрөннөр, сыаналааннар, бииргэ үлэлэһэр баҕаларын биллэрдэхтэрэ. Дойдуга барытыгар бибилэтиэкэлэр олус түмсүүлээхпит. Үлэлиир дьиэлэрбит төһөнөн аныгылар, саҥа тиэхиньикэнэн хааччыллыылаахтар, автоматизация баар буоллаҕына, ааҕааччылар кэлэ туруохтара. Бибилэтиэкэ систиэмэтэ үүнэр-сайдар кэскиллээх. Кытайга бибилэтиэкэҕэ килэмиэтиринэн уочарат буолар эбит…
Ааҕааччылар кимнээҕий?
SMART-бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ былырыын Дьокуускай куорат олохтоохторо тугу уонна ханнык көрүҥүнэн ааҕалларыгар үгэскэ кубулуйбут чинчийиини ыыппыттара. Онно биллибитинэн, кумааҕы хаһыаты, кинигэни ааҕааччылар ахсааннара элбээн тахсыбыта (электроннай көрүҥнээҕэр). Онтон эдэрдэр икки көрүҥү иккиэннэрин баһылаабыттара биллибитэ.
Периодика отдела туспа ааҕааччылардаах. Манна чуолаан сааһыра баран эрэр дьон хаһыаттарын, сурунаалларын ааҕа, билсэ кэлэ тураллар.
“Айар” кинигэ кыһатыгар тахсар кинигэлэр булгуччулаах экземплярдара бэриллэр буолан, SMART-бибилэтиэкэ ааҕааччылара саҥа кинигэлэри биир бастакынан билсэллэр. Өссө манна суруйааччылары кытары көрсүһүүлэргэ, автограф-сиэссийэлэргэ, кинигэ сүрэхтэниилэригэр кэлэннэр, аахпыттарын чиҥэтэллэр, суруйааччылардыын атах тэпсэн олорон кэпсэтэллэр. Сорохтор бибилэтиэкэ саайтыгар киирэн, суруйааччыны кытары кэпсэтии видео-устууларын сэҥээрэ истэллэр, бибилэтиэкэ бииртэн биир кэрэхсэбиллээх бырайыактарын билсэллэр, онно кыттыһаллар.
Каталогка наадыйыы
Саргылана Ноговицына, кэмпилиэктээһин отделын сэбиэдиссэйэ:
– Биһиги отделбыт саҥа кинигэлэри сакаастаан ылан бибилэтиэкэ 18 салаатыгар тыырар, түҥэтэр. Кинигэлэри электроннай каталогпытыгар киллэрэн, ааҕааччыларбыт көрөн билсэллэрин курдук оҥорон таһаарабыт.
Каталогы икки көрүҥүн: кумааҕы каталогы (генеральнай) уонна электроннайы тэҥинэн оҥоробут. Кумааҕы каталогу оҥорбокко, аҥаардастыы электроннайга эрэ көһөн хаалыы кутталлаах. Арай куйаар ситимигэр туох эрэ алдьаныы-кээһэнии таҕыстын, ким тугу, хантан булан ылыай? Онон саамай эрэллээх каталогунан туох да диэбит иһин, ааҕааччылар сөбүлүүр уонна суохтуу да быһыытыйар кумааҕы каталогтара хаалар.
Тэттик сүбэ
Туйаара Эртюкова, докумуоннар пуондаларын отделын сэбиэдиссэйэ:
– Кинигэлэри хаачыстыбалаахтык харайарга сөптөөх усулуобуйа ирдэнэр: дьиэ сылааһа 20 кыраадыстан үрдүө, 15-16 кыраадыстан намтыа суохтаах. Күн уота аһара тыгыа суохтаах, батарея сылааһыттан тэйиччи соҕус буолуохтаах. Кинигэлэр долбуурга аһара ыксалыы ууруллуо суохтаахтар. Кинигэ быылын куруук ыраастыы сылдьыахтааххын. Онон биһиги ааҕааччы хараҕар көстүбэт, ол эрэн олус туһалаах уонна наадалаах үлэни оҥоробут.
БЫҺААРЫЫ:
Ньургуйаана Петровна Решетникова 1996 с. А.И. Герцен аатынан Санкт-Петербурдааҕы судаарыстыбаннай педагогическай университеты бүтэрбитэ. Биисинэс-бибилэтиэкэҕэ, ГРЭС-кэ 6-с салааҕа, Национальнай бибилэтиэкэҕэ “Детская точка кипения” сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 2022 сыл бүтэһигэр Дьокуускай куорат Кииннэммит бибилэтиэкэлэрин систиэмэлэрин дириэктэринэн ананан кэлбитэ. Бибилэтиэкэ систиэмэтигэр 29-с сылын бэриниилээхтик үлэлии сылдьар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: