Салгыы
Бибилэтиэкэр бары өттүнэн дэгиттэр буолуохтаах

Бибилэтиэкэр бары өттүнэн дэгиттэр буолуохтаах

03.08.2024, 14:00
ХААРТЫСКАНЫ СМАРТ-БИБИЛЭТИЭКЭ ТИКСЭРДЭ.
Бөлөххө киир:

Н.Д.Неустроев аатынан SMART-бибилэтиэкэ аныгы ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир киэҥ хабааннаах үлэтинэн-хамнаһынан  Дьокуускай куоракка эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ уонна Арассыыйаҕа киэҥник биллэр.

Бибилиэтэкэ 2019 сыллаахха куорат тупсаҕай көстүүлээх саҥа оройуонугар, 203-с микрооройуоҥҥа аһыллыбыта. “Бу оройуоҥҥа кэллэхпинэ, хайдах эрэ  атын соҕуруу куоракка сылдьар курдук сананабын” диэн элбэх киһи этэрин истэбин. Онуоха, чуолаан SMART-бибилэтиэкэ эмиэ оруоллааҕа буолуо диэн  бигэ эрэллээхпин. Тоҕо диэтэххэ, бибилэ­тиэкэ хайа күн аһыллыаҕыттан манна куорат да, өрөспүүбүлүкэ да таһымнаах араас тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытыллаллар, онно эдэрдиин-эмэнниин бары сөбүлээн сылдьаллар.

Кистэл буолбатах, сорох дьоҥҥо:  “Бибилэтиэкэ үлэһитэ ааҕааччыга кинигэ биэрэ-­ыла олорор үлэлээх, ааҕаач­чы суох буоллаҕына, кинигэлэр быыс­тарыгар эрэ сылдьар” диэн урукку өйдөбүлэ билигин да иҥэн хаалбыт  эбит. Дьэ, маннык санаа сыыһалааҕын уонна  тутаҕын SMART-бибилэтиэкэҕэ биирдэ эрэ сылдьыбыт киһи да өйдүүр. Бу истиин-тас­тыын аныгылыы оҥоһуулаах мааны   дьиэҕэ бибилэтиэкэ, култуура киинин уонна араас умнуллубат түгэннэр ыытыллар былаһааккаларын быһыытынан үлэ-хамнас күөстүү оргуйар. Манна ким баҕарар бибилэтиэ­кэ уруок­тарыгар, маастар-кылаас­тарга, бэстибээл­лэргэ, куонкурус­тарга, быыстапкаларга, араас бырайыактарга кэллэҕинэ, кинини кытары бибилэтиэ­кэрдэр быһаччы үлэлэһэл­лэр. Онуоха бибилэтиэ­кэ 2 киинэ уонна араас хайысхалаах 7 отдела төһүү күүс буолаллар. Элбэхтэн аҕыйаҕы холобурдаатахха, сааһыран эрэр дьону көмпүүтэргэ үлэлиир­гэ  үөрэтии, «Финансики» (үбү сатаан туттууга үөрэтии), «Инсайдеры» (аныгы идэлэри билиһиннэрии) уо.д.а. курдук кэрэхсэбиллээх бырайыактар,  виртуальнай быыстапкалар, бибилэтиэкэ куруук саҥардылла турар  саайта уо.д.а.  ааҕаач­чы киэҥ сэҥээриитин ылаллар.

Бибилэтиэкэр идэтэ кэскиллээх

Ньургуйаана Петровна Решет­никова, Дьокуускайга Киин­нэммит бибилэтиэкэлэр систиэмэлэрин  дириэктэрэ:

– Биһиги кииннэммит бибилэтиэкэбит Дьокуускайга, куорат таһынааҕы нэһилиэктэргэ 18 салаалаах (филиаллаах) уонна Табаҕаҕа, Тулагы Сыырдааҕар  стационарнай пууннардаах.

SMART-бибилэтиэкэ  Ил Дархан Айсен Николаев ыраа­ҕы көрөн көҕүлээһининэн, 2019 сыллаахха тутуллан үлэҕэ киирбитэ уонна  өрөспүүбүлүкэҕэ бибилэтиэ­кэлэр үлэлэрин үрдүк таһымҥа таһаарда. Ону биһиги быра­йыактарбыт,  тэрээһиннэрбит, ол иһигэр чугаһынан ыллахха, соторутааҕыта ыытыллыбыт  “Книжный ветер” кинигэ дьаар­баҥката ситиһиилээхтик ааспыта  уонна  ааҕаач­чыларбыт махталлара туоһулууллар дии саныыбыт.

Ордук киэн туттарбытынан биһиги үлэһиттэрбит буолаллар. Кинилэр үгүстэрэ –   кып-кыра хамнаска идэлэригэр бэриниилээхтэринэн үлэлээн кэлбит дьон. Онон “биһиги инники иһээччилэрбит” диэхпин баҕарабын. Олох ирдэбилэ билигин олох атын. Бибилэтиэкэр – бэйэтэ педагог, психолог хаачыстыбалардаах буолуохтаах, үчүгэйдик саҥарыахтаах, тэрээһиннэри ыытыахтаах, сценарий суру­йуохтаах, ааҕааччыны кытары  өйдөһүөхтээх,  омук тылын билиэхтээх, саҥа технологиялары баһылыахтаах уо.д.а.  Биир тылынан эттэххэ, чэпчэкитэ суох үлэ.

Биһиги салааларбыт кырата 5-6 тыһыынча пуондалаахтар. Бибилэтиэкэр ханнык кинигэ ханан баарын барытын эндэппэккэ билиэхтээх. Билигин үчүгэйэ диэн электроннай каталог баар, онон арыый судургутуйда. Ол гынан баран, үлэһит  чуолаан  саҥа кэлбит кыра­чаан ааҕааччыны угу­йуон, кинигэни ааҕарга  ымсыырдыан наада. Онуоха кинигэ ис хоһоонун кэпсиир туһугар бэ­­йэтэ аахпыт буолуохтаах. Кини  кыра киһиэхэ  кинигэни аахтараары  судургу бэйэлээхтик “бу наһаа үчүгэй кинигэ” диэн үөрбүтэ-көппүтэ буоларын кырачаан ааҕааччы тута билэр, сэрэйэр. Эбиитин, билиҥҥи оҕолор элбэх информацияны илдьэ сылдьаллар.  Биһиги оҕолорго биир соҕотох бибилэ­тиэкэлээхпит, ол “Моя библиотека” диэн 15-с салаабыт. Бу бибилэтиэкэ кэлэктиибэ оскуо­лалар, лиссиэйдэр, гимна­зиялар  үөрэнээччилэрин кытары олус үчүгэйдик үлэлиир. Дьиэлэрэ улахана буоллар, өссө элбэх оҕо сылдьыа этэ. Биһиэхэ эмиэ нуорма диэн баар, онон 4 хостоох КПД дьиэҕэ 20-тэн элбэх оҕону батарбаккын.

Уопсайынан,  билиҥҥи оҕо аахпат дииллэригэр сөбү­лэспэппин. Кинилэр  кумааҕы кинигэни сэргэ электроннай көрүҥүнэн ааҕаллар.  Биһиэхэ кэлбит оҕону куоракка пропис­калааҕыттан, прописката суоҕуттан тутулуга суох, үөрэ-көтө көрсөбүт, киниэхэ сынньанар, ааҕар усулуобуйата барыта, ол иһигэр иккис этээскэ “обургу оҕо зоната”  баар. Төрөппүттэр уонна эбээлэр-эһээлэр оҕолорун, сиэннэрин аан бас­таан сиэтэн аҕалалларын көрөр наһаа долгутуулаах. Онон ааҕаач­чылар көлүөнэлэрин утума салҕанарыттан үөрэбит.

Атын эрэгийиэннэри  кытары үлэлэһэбит. Бибилэтиэкэ дьыалатыгар методическай-сүрүннүүр үлэ үчүгэйдик тэриллэр. Арассыыйа Национальнай бибилэ­тиэкэтэ сэминээрдэри, үөрэхтэри, стажировкалары, СӨ Национальнай бибилэ­тиэкэтэ идэни үрдэтэргэ элбэх үлэни ыыталлар. Арассыыйаҕа  “Большая книга” диэн литература бириэ­мийэтигэр  кыайбыт суруйаач­чылар Дьокуускайга кэлэргэ баҕаралларын  биллэрэн биһиэхэ суруйбуттара.  Онон быйыл күһүн Дьокуускайга кэлэн, SMART-бибилэтиэкэҕэ  уонна салаа­ларбытыгар сылдьыахтара, ааҕааччыларбытын кытары көрсүөхтэрэ.  Итинтэн биһиги үөрэбит эрэ.  Ол аата биһиги үлэбитин көрөннөр, сыаналаан­нар, бииргэ үлэлэһэр баҕаларын биллэрдэхтэрэ. Дойдуга барытыгар бибилэтиэкэлэр олус түмсүүлээхпит. Үлэлиир дьиэлэрбит  төһөнөн аныгылар, саҥа тиэхиньикэнэн хааччыллыылаахтар, автоматизация баар буоллаҕына, ааҕааччылар кэлэ туруохтара. Бибилэтиэкэ сис­тиэмэтэ үүнэр-сайдар кэскиллээх. Кытайга бибилэтиэкэҕэ килэмиэтиринэн уочарат буолар эбит…

Ааҕааччылар кимнээҕий?

SMART-бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ былырыын Дьокуускай куорат олохтоохторо тугу уонна ханнык көрүҥүнэн ааҕалларыгар үгэскэ кубулуйбут чинчийиини ыыппыттара. Онно биллибитинэн, кумааҕы хаһыаты, кинигэни ааҕааччылар ахсааннара элбээн тахсыбыта (электроннай көрүҥнээҕэр). Онтон эдэрдэр икки көрүҥү иккиэннэрин баһылаабыттара биллибитэ.
Периодика отдела туспа ааҕааччылардаах. Манна чуолаан сааһыра баран эрэр дьон хаһыаттарын, сурунаалларын ааҕа, билсэ кэлэ тураллар.
“Айар” кинигэ кыһатыгар тахсар кинигэлэр булгуччулаах экземплярдара бэриллэр буолан, SMART-бибилэтиэкэ ааҕааччылара саҥа кинигэлэри биир бастакынан билсэллэр. Өссө манна суруйааччылары кытары көрсүһүүлэргэ, автограф-сиэссийэлэргэ, кинигэ сүрэхтэниилэригэр кэлэннэр, аахпыттарын чиҥэтэллэр, суруйааччылардыын атах тэпсэн олорон кэпсэтэллэр. Сорохтор бибилэтиэкэ саайтыгар киирэн, суруйааччыны кытары кэпсэтии видео-устууларын сэҥээрэ истэллэр, бибилэтиэкэ бииртэн биир кэрэхсэбиллээх бырайыактарын билсэллэр, онно кыттыһаллар.

Каталогка наадыйыы

Саргылана Ноговицына, кэмпилиэктээһин отделын сэбиэдиссэйэ:

– Биһиги отделбыт саҥа кинигэлэри сакаастаан ылан бибилэтиэкэ 18 салаатыгар тыырар, түҥэтэр.  Кинигэлэри электроннай каталогпытыгар киллэрэн,  ааҕааччыларбыт көрөн билсэллэрин курдук  оҥорон таһаарабыт.

Каталогы  икки көрүҥүн: кумааҕы каталогы (генеральнай) уонна электроннайы тэҥинэн оҥоробут. Кумааҕы каталогу оҥорбокко, аҥаардастыы электроннайга эрэ көһөн хаалыы  кутталлаах. Арай куйаар ситимигэр туох эрэ алдьаныы-кээһэнии таҕыстын, ким тугу, хантан булан ылыай? Онон саамай эрэл­лээх каталогунан туох да диэбит иһин, ааҕааччылар сөбүлүүр уонна суохтуу да быһыытыйар кумааҕы каталогтара хаалар.

Тэттик сүбэ

Туйаара Эртюкова, докумуоннар пуондаларын отделын сэбиэдиссэйэ:

– Кинигэлэри хаачыстыбалаахтык харайарга сөптөөх усулуобуйа ирдэнэр: дьиэ сылааһа 20 кыраадыстан үрдүө, 15-16 кыраадыстан намтыа суохтаах. Күн уота аһара тыгыа суохтаах, батарея сылааһыттан тэйиччи соҕус буолуохтаах.  Кинигэлэр долбуурга аһара ыксалыы ууруллуо суохтаахтар. Кинигэ быылын куруук ыраастыы сылдьыахтааххын. Онон биһиги ааҕааччы хараҕар көстүбэт, ол эрэн олус туһалаах уонна наадалаах  үлэни оҥоробут.

БЫҺААРЫЫ:

Ньургуйаана Петровна Решетникова 1996 с. А.И. Герцен аатынан Санкт-Петербурдааҕы судаарыстыбаннай педагогическай университеты бүтэрбитэ. Биисинэс-бибилэтиэкэҕэ, ГРЭС-кэ 6-с салааҕа, Национальнай бибилэтиэкэҕэ “Детская точка кипения” сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 2022 сыл бүтэһигэр Дьокуускай куорат Кииннэммит бибилэтиэкэлэрин систиэмэлэрин  дириэктэринэн ананан кэлбитэ. Бибилэтиэкэ систиэмэтигэр 29-с сылын бэриниилээхтик үлэлии сылдьар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 декабря
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: