Бибилэтиэкэрдэр харыйа оонньуурун оҥордулар
Леонид Андреевич Попов аатынан Сунтаардааҕы киин бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ Саҥа дьылы көрсөр харыйаны сыл аайы уратытык киэргэтэллэр. Сорох сыл барыта сэбиэскэй кэмнээҕи, сорох сыл төп-төгүрүк оонньуурдарынан ыйыыр үгэстээхтэр.
Онтон быйыл ханна да хатыламмат оонньуурдарынан симиир сорук туруорунан, үлэһиттэр бука бары араас технологиялары туһанан, бэйэ илиитинэн харыйа оонньуурдарын оҥордулар. Ол курдук, буҕаалтыр Саргылаана Петрова, переплетчик Ираида Петрова көҕүлээһиннэринэн, фоамиранынан, баатанан, полимернай туойунан уонна хатайдааһын (валяние) ньыматынан оҥорон, күрүчүөгүнэн баайан, оҕо саас дьикти иэйиитигэр киирэ түһэн ыллылар.
Ураты оҥоһуктарынан лаглайбыт харыйаларын киэргэттилэр.
— Бачча кэрэчээн оҥоһуктарбытын киэҥ эйгэ сыанабылыгар таһаардахпытына сатанар диэн санааттан, Сунтаардааҕы ускуустуба оскуолата биллэрбит «Саҥа дьыллааҕы оонньуурдар» диэн күрэскэ кытынныбыт. Салгыы куйаар ситимигэр ыытан, эмиэ элбэх киһи сэҥээриитин ыллыбыт, — диэн бибилэтиэкэ үлэһитэ Мария Иванова санаатын үллэстэр.
Киһи бэйэтин илиитинэн оҥорбута, кутун-сүрүн иҥэрбитэ ханнык да күлүмүрдэс дуйдааҕар ордук күндү, сыаналаах буолар.
Чахчыта да, бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ айар куттаахтар, кэрэни кэрэхсиир кыахтаахтар. Көрүҥ эрэ, хайдахтаах үчүгэй оонньуурдарый? Сунтаар бибилэтиэкэрдэригэр анаан норуодунай бэйиэт Иван Мигалкин «Бибилэтиэкэр кыргыттар» диэн хоһоон суруйбутун, ыллам ырыа гынан көтүппүттэрэ. Ырыаҕа да ылланарын курдук, бибилэтиэкэр кыргыттар барыга көхтөөхтөр, ураты көрүүлээхтэр, кымырдаҕас курдук бука бары саба түһэн, үлэлээн-хамсаан, бигэ түмсүүлээхтэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: