Бибилэтиэкэрдэр харыйа оонньуурун оҥордулар

Share

Леонид Андреевич Попов аатынан Сунтаардааҕы киин бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ Саҥа дьылы көрсөр харыйаны сыл аайы уратытык киэргэтэллэр. Сорох сыл барыта сэбиэскэй кэмнээҕи, сорох сыл төп-төгүрүк оонньуурдарынан ыйыыр үгэстээхтэр.

Хаартыска: Сунтаар киин бибилэтиэкэтэ.

Онтон быйыл ханна да  хатыламмат оонньуурдарынан симиир сорук туруорунан, үлэһиттэр бука бары араас технологиялары туһанан, бэйэ илиитинэн харыйа оонньуурдарын оҥордулар. Ол курдук, буҕаалтыр Саргылаана Петрова, переплетчик Ираида Петрова көҕүлээһиннэринэн, фоамиранынан, баатанан, полимернай туойунан уонна хатайдааһын (валяние) ньыматынан оҥорон, күрүчүөгүнэн баайан, оҕо саас дьикти иэйиитигэр киирэ түһэн ыллылар.

Ураты оҥоһуктарынан лаглайбыт харыйаларын киэргэттилэр.

Хаартыска: Сунтаар киин бибилэтиэкэтэ.

Бачча кэрэчээн оҥоһуктарбытын киэҥ эйгэ сыанабылыгар таһаардахпытына сатанар диэн санааттан, Сунтаардааҕы ускуустуба оскуолата биллэрбит «Саҥа дьыллааҕы оонньуурдар» диэн күрэскэ кытынныбыт. Салгыы куйаар ситимигэр ыытан, эмиэ элбэх киһи сэҥээриитин ыллыбыт, — диэн бибилэтиэкэ үлэһитэ Мария Иванова санаатын үллэстэр.

Киһи бэйэтин илиитинэн оҥорбута, кутун-сүрүн иҥэрбитэ  ханнык да күлүмүрдэс дуйдааҕар ордук күндү, сыаналаах буолар.

Хаартыска: Сунтаар киин бибилэтиэкэтэ.

Чахчыта да, бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ айар куттаахтар, кэрэни кэрэхсиир кыахтаахтар. Көрүҥ эрэ, хайдахтаах үчүгэй оонньуурдарый? Сунтаар бибилэтиэкэрдэригэр анаан норуодунай бэйиэт Иван Мигалкин «Бибилэтиэкэр кыргыттар» диэн хоһоон суруйбутун, ыллам ырыа гынан көтүппүттэрэ. Ырыаҕа да ылланарын курдук, бибилэтиэкэр кыргыттар барыга көхтөөхтөр, ураты көрүүлээхтэр, кымырдаҕас курдук бука бары саба түһэн, үлэлээн-хамсаан, бигэ түмсүүлээхтэр.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Аллараа Бэстээххэ култуура киинин тутууну түргэтэтэргэ соруйда

Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…

15 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Үп министиэристибэтэ түмэл пуондатыгар эспэнээттэри туттарда

СӨ үбүн министиэристибэтэ  "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар  байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…

40 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэ Хаҥаласка хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата 3,6 тыһ.киһини хабыаҕа

Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүбэһит: Дьиэни ыраастааһын ньымалара

Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…

1 час ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйаҥныырга – биир бөрөнү

Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…

2 часа ago
  • Интервью
  • Култуура
  • Сонуннар

“Щепкиннэр”  кэккэлэрин хаҥаппыт Петр Домотов

... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка,  күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…

2 часа ago