Андаҕар туолуута

Андаҕар туолуута

Ааптар:
14.03.2024, 10:30
Хаартыска М.Нафанаилова альбомуттан
Бөлөххө киир:

Киинтэн тэйиччи сытар кытыы бөһүөлэктэр биир сүрүн кыһалҕалара онно эмчит тиийбэтэ уонна кини олорон үлэлиир дьиэтэ суоҕа буолара.

Ол гынан баран, кэлиҥҥи сылларга Бырабыыталыстыба өттүттэн дьон доруобуйатын туһугар сөптөөх болҕомто ууруллан, ити хайысхаҕа үлэ көдьүүстээхтик барар. Бөһүөлэктэргэ саҥа модульнай балыыһалар, биэлсэр-акушер пууннара тутуллан үлэҕэ киирэллэр. Каадырдары бэлэмниир үлэ эмиэ сөптөөх тосхолу тутуста.

Бөһүөлэк соҕотох биэлсэрин санныгар омуннаабакка эттэххэ, сыалай поликлиника эбээһинэһэ сүктэриллэр. Кини барытын сатыахтаах. Биэлсэр, акушер, хирург, терапевт, суһал көмө массыынатын бырааһа… Дьэ, бу курдук олох тургутуутун этэҥҥэ ааспыт эрэ үлэһит дьон убаастабылын ылар.

Аны бэрт кылгастык ааспыт үйэ 60-с сылларыгар тохтоон ааһабын. Орто Эбэ диэн Бээдиттэн чугас сытар сайылык пиэрмэтэ. Саха балаҕана, сайыҥҥы нуурал киэһээ утуйаары сытан дьоммут аргыый наллаан кэпсэтэллэрин истэбин. Арай төбөлөһө сытар наара оронтон саҥа иһиллэр: «Үөрэхпин бүтэрэн кэллэхпинэ эһигини барыгытын эмтиэм», — диир. Уонна кэккэлэһэ сытар ыарыһах эдьиийин кууһан баран: «Мин эйигин үтүөрдүөм», — диэбитэ билигин да кулгаахпар бу баардыы иһиллэр. Дьэ, бу маннык үөрэҕин өссө да бүтэрэ илик  кыыс улуу Гиппократ андаҕарын хаан уруу дьонугар биэрбит ким эбитий?

Ол сайыҥҥы сөрүүн түүн андаҕар курдук эппит тылларын толорон, оччолорго Дьокуускайга эмчит үөрэҕэр үөрэнэр, сайыҥҥы сынньалаҥар кэлбит эдэркээн кыыспыт билигин 73 саастаах. Үлэтин үгэнигэр сылдьар, РФ уонна СӨ Доруобуйа харыстабылын туйгуна уонна да атын судаарыстыбаннай наҕараадалардаах Нафанаилова Мария Николаевна буолар.

Мария Николаевна 1951 с. Бээдиттэн чугас Дүпсүн нэһилиэгэр киирэр аҕыйах ыаллаах алааска төрөөбүтэ. Үөрэҕин бүтэрэн баран Даалынан, Тулунанан биэлсэрдээбитэ. Ити кэнниттэн 1978 сылтан күн бүгүнүгэр диэри Бээдигэ 46 сыл биэлсэринэн үлэлиир. Онтон уопсай үлэтин ыстааһа 53 сыл.

Кини маһынан оттуллар тымныы, эргэ, мас уопсай биир кыбартыыратыгар бу 46 сыл үлэлээн кэллэ. Эмэ-томо улахан тымныыга тоҥон хаалбыт буолаллар.

Хара бастакыттан уһуйаан, оскуола оҕолорун кытары билсибитэ. Бөһүөлэк кырдьаҕастарын уонна инбэлииттэрин дьиэлэринэн кэрийэн көрбүтэ истибитэ. Икки оҕотун кытта дьиэ-уот тэринэн, сүөһү ииттэн дойдутугар, Бээдигэ, олорор. Эттэххэ дөбөҥ, 46 сыл тухары тыа сиригэр, киин сиртэн тэйиччи сытар бөһүөлэккэ соҕотоҕун дьон доруобуйатын туһугар эппиэтинэһи сүгэр диэн уонна өссө ыарахана, ону чиэстээхтик толорон дьон убаастабылын ылыы буолар. Маны барытын этэҥҥэ туораан, биэлсэр Маайыс диэн таптал ааттанан сүүрэ-көтө сылдьар. Мин санаабар, Мария Николаевна үчүгэй эмчитин таһынан былыргылыы эттэххэ, көрбүөччү дьоҕурдаах. Бөһүөлэгэр баар ыарыһахтарын туруктара хайдаҕын биэс тарбах курдук билэрин таһынан, кимиэхэ эмэ битэмиини ыларыгар сүбэлиэн сөп. Холобур, мин уонча хонукка учаастактааҕы балыыһаҕа сытан доруобуйабын бөҕөргөтөрбөр сүбэлээн турар. Эмтэнэн абыраммытым. Мария Николаевна балыыһаҕа хам хатанан олорбот. Куруук ыалларга дьиэлэригэр сылдьан көрөр, эмтиир. Аныгылыы эттэххэ профилактикалыыр. Ким туга ыалдьарын этэ охсон, көрдөрө барарыгар сүбэлиир.

Манна барытын ахта барбакка, биир түгэни кэпсиибин. Оччолорго биэлсэр Маайыс саҥа үлэлээн эрэр кэмэ. Киһи оһоллонно, тыраахтар бырысыабыгар төбөтүнэн охсуллан. Биһиги куттанан чугаһаабаппыт, биэлсэри ыҥырдыбыт. Киһибит тураары мөхсүбүтүн биэлсэрбит туруорбата. Ыалтан походнай орон аҕалан медпууҥҥа илтибит. Онно көрөн турабыт, маҥнайгы көмө хайдах оҥоһулларын. Онтон ыла элбэх сыл ааста. Ол тухары биһиги биэлсэр Маайыспыт куруук инники кирбиигэ, доруобуйа уонна олох иһин охсуһуу инники кирбиитигэр сылдьар. Ыарыһахха түүннэри-күнүстэри сүүрүү наада буоллаҕына, киин сиргэ ыытаары массыына булуута, бу барыта кыра, кытыы бөһүөлэктэр биэлсэрдэрин күннээҕи түбүктэрэ. Бүтэһиккэ этиэм этэ. Биһиги, бээдилэр, баҕарыа этибит биэлсэр Маайыспыт өссө да уһуннук уонна таһаарыылахтык үлэлииригэр. Үлэтэ сыаналанарыгар, өссө үрдүк чиэскэ-бочуокка тиксэригэр.

Иван Сивцев — Бээди.

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -30°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: