Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Бүлүү улууһун I Күүлэт олохтооҕо Иван Иванович Тутукаров биэни кыһыннары ыыр үчүгэйин туһунан видеота тарҕаммыта. Онно 2019 сыл диэн суруллубут этэ.
Билигин ыы сылдьара дуу, суоҕа дуу диэн кини төлөпүөнүн булан, туоһуластыбыт. Мантан салгыы биэни кыһыннары ыыр уонна кымыһы оҥорууну тарҕатар энтузиаст Иван Тутукаров кэпсээнин, сүбэтин ааҕыҥ.
– Мин I Күүлэккэ олоробун. Кэргэмминиин Елена Петровналыын, икки уол оҕолоохпут. Биэс ынахтаахпын, барыларын ыы сылдьабын. Онон түбүк элбэх.
Оттон биэ ыабытым уонча сыл буолла. Дьөһөгөй оҕото киһини айылҕалыын ситимниир дьикти күүс. Күн аайы аһата, көрө-истэ, кэпсэтэ сырыттахха, санааҥ сааһыланар. Уопсайынан, биэни ыыр барытыгар туһалаах. Сылгы иччимсэх буолар. Сиргэ да сырыттаҕына, кыһын көхсүн хаардатар, күһүн киллэрэргэ ыт оҕотун курдук батыһан кэлэр. Уонча төрүүр биэлээхпин. Кыһын ыаһын биһиги килиимэппитигэр сөп түбэһэр. Сайыммыт кылгас, онон сайын уһуннук ыатахха, оҕотугар охсор. Күһүн улааппыт убаһа өссө кыһыны быһа эмэр, ол кэлин сылгы буоларыгар туһалаах.
Биэни кулун тутар бүтүөр диэри ыан баран, оҕотун хамнатта да уолларабын. От үчүгэйин сиир буолан, төрүөҕэр оҕустарбат. Сыл аайы тус-туһунан биэни ыыбын.
Ол курдук, сыл аайы биирдии тыһы убаһалаах биэни талан ыыбын. Быйылгы биэм иккис төрөөһүнэ. Күҥҥэ 4 лиитирэ үүтү биэрэр. Сылгы барахсан ыатарга түргэнник үөрэнэр. Биир-икки күн тэбиэлэнэн баран тохтуур. Тымныыга ыанар буолан, атаҕын баайан-хайаан эрэйдээбэккин. Бастакыттан оннук үөрэтэҕин. Түргэнник ыахтааххын. Сарсыарда 7 чаас диэки оҕотун араараҕын. Оҕото ийэтин көрөр сиригэр туруохтаах, көстүбэт буоллаҕына, биэ айманар. Тахса сатаан араас буолуон сөп, онон сэрэхтээх. Оҕотун күрүөтэ бастакы күннэригэр тахсыбатын курдук үчүгэй буолуохтаах, үрдүнэн, быыһынан тахса сатааччы.
Бастакы ыам – күнүс 1-2 чаас диэки. Онтон биэс чаас диэки иккиһин ыан баран оҕотун холбуубут.
– Кыһыны быһа аһыыр буолан, отунааҕар болҕомтобун хаарыгар уурабын. Кыһын турар күрүөтэ киэҥ, элбэх хаардаах буолуохтаах. Тымныыга уулаппаккын, ойбоҥҥо тоҥуон сөп. Саамай сүрүнэ, хаара элбэх буолуохтаах. Отун тарҕатан аһатар буоллахха, чигди оҥорор. Онон күкүргэ аһатаҕын. Сороҕор сылгы хаарга булкуйан сиирин сөбүлүүр, былааннаан хаарга тарҕатар ордук. Бэйэм киэһэ түүн ааны барытын арыйан кэбиһэбин. Оҕуруотунан эҥин сылдьан хаардыыллар. Сылгы ынах сүөһү курдук кэбиммэт. Ото мөлтөх, кутуйах саахтаах буоллаҕына, сүһүрүөн, оҕотун түһэриэн сөп. Онон элбэх хаары сиэн, сайҕана сылдьыахтаах.
Сүрүн болҕомто күрүөҕэ ууруллар. Сылгы, биллэрин курдук, ынах сүөһүтээҕэр кэбирэх. Дэҥ-оһол тахсыбат курдук туттуллуохтаах. Сиэрдийэҥ төбөлөрө лаппаччы эрбэниэхтээхтэр. Убаһа быыһынан киирэ сатаан эчэйиэн сөп. Бастаан араарарга сүүрэн-көтөн сүрдээх буолар. Онтон түргэнник үөрэнэр. Онуоха диэри саамай эппиэттээх кэм.
Биэ уонна убаһа ыккардыгар кураанах күрүө баара ордук. Сыста турар буоллаҕына, күрүө быыһынан эмэр, ийэтэ чугаһаан биэрэр. Онтон саас халлаан сылыйдаҕына, биэ ойбоҥҥо уулуур, оҕото баар буолан барбат, ыксаан бөҕө кэлэр. Ийэтин хаайан баран, оҕотун таһаараҕын. Сүүрэн-көтөн баран кэлэр, күрүөҕэ киирэ-тахса үөрэнэр. Таҕыстахха, аанын арыйтараары кистии турар буолар, быаҕа, эбиэскэ үөрэнэр.
Сыл аайы ыыр буоллаххына, убаһаҥ тыйгыттан үөрэнэр. Эбиэскэ ахсынньы диэки былырыыҥҥы убаһаҕын аһата киллэрэҕин. Онон доҕордоһон, сарсыарда арахсара өссө судургу буолар. Былырыыҥҥыҥ кэллэ да бэйэтин күрүөтүгэр барар, ону убаһаҥ батыһар. Эн аан эрэ сабаҕын, ийэтигэр наадыйбат. Ол оннугар киэһэ ыыр чааскын кини билэр, ааны манаан турар буолар.
– Биир күһүн дьиэбин хааччыллыылаах оҥороору (благоустройство) дьаама хаһа сылдьан сиигирэммин, кутургуйа буулаан, сылы быһа эрэйдээбитэ. Балыыһалар, иммунитетыҥ мөлтөөбүт диэбиттэрэ. “Хайдах гынан үтүөрэбин?” диэҥҥэ эппиэт суоҕа, хата, тэлэбиисэргэ биир киһи ыалдьан баран, биэ ыан эмтэнним диэбитин алҕас түбэһэн көрөн, кыра эрдэхпинэ аҕам биэ ыырын көрбүт буолан, ыырга санаммытым. Кыһыны быһа ыан, кымыс оҥостон иһэн, этэҥҥэ аһарбытым. Онтон ыла сыл аайы ыыбын, хамсык ыарыы кэлбитигэр кэргэним кыра уолбун кытта Дьокуускайга сылдьан ыалдьыбыттарыгар, кымыс оҥостоллоругар үүтүн тоҥорон ыыппытым, нэдиэлэнэн үтүөрбүттэрэ.
Билигин урукку курдук хааччах суох, төһө баҕарар сүөһү-сылгы ииттиэххэ сөп. Аҕам Иван Алексеевич хомуньуус этэ. Ол да буоллар, сэбиэскэй былаас саҕана, барытын уопсайдааһын саҕана кини эрэ биир биэлээх этэ. Быыс-хайаҕас булан, тоҕо эрэ сылгытын эспэтэҕэ. Ол иһин мин көлүөнэбэр биэ ыанарын көрбүт аҕыйах быһыылаах. Онон аҕабар махтана саныыбын. Билигин тыа сиригэр олорор эдэр дьон биэ ыыргытын оҕолоргутугар көрдөрөргүт инникитин туһалаах буолуоҕа.
Сайын от-мас үлэтин үмүрүтүөххэ наада, онон уһуннук ыыр кыахпыт суох. Саха киһитигэр ыгым кэм. Кыһын бириэмэ элбиир, лөглөччү таҥнан баран, аа-дьуо ыыгын. Биэ эмиийэ сымнаҕас уонна тардыалаатыҥ да ип-итии буолар. Онон түргэнник ыыгын, 50 да кыраадыс тымныыга тоҥмоккун.
Биэс ый сибиэһэй кымыс иһэҕин, ордорун тоҥороҕун. Кэргэним сөбүлээн иһэр буолан, кэлин үөрэнэн, күһүн сылгы киириитин кэтэһэҕин.
– Биэ үүтүн ийэ үүтүгэр тэҥнээх дииллэр. Онон доруобуйаҕа туһалааҕа мөккүөрэ суоҕа чахчы.
2019 сыллаахха видеолаан ыыппыппын син көрбүттэр этэ да, маассабайдык ыабаттар диэммин, быйыл эмиэ ыыппытым. Хата, син тарҕанна.
Дьиҥэр, кимиэхэ баҕарар кыаллар дьыала. Сылгы барахсан хотоҥҥо наадыйбат, күрүө-хаһаа, от баар буолла да бүтэр. Оҕото баар буолан уолбат, хаһан баҕарар араардыҥ да ыан бараҕын.
Биллэр учуонайдар Чомчоевтар Саха ынаҕын хаама сылдьар эмтиэкэбит дииллэр, оттон биһиги тыйыс айылҕабытын тулуйар Дьөһөгөй оҕотун үүтэ онтон итэҕэс буолбат дии саныыбын.
СӨ урбааҥҥа, эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирэ Тимур Ханды бүгүн, тохсунньу 27 күнүгэр, быһа эпииргэ тахсыаҕа.…
Дьааҥы улууһун Табалаах нэһилиэгин кэрэ аҥаардара музыкальнай оскуолаҕа мустан, байыастарга анаан ас нобуордарын бэлэмнээтилэр. [gallery…
Горнайга Мытаах олохтоохторо байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга хаххалыыр сиэккэни оҥорууга көхтөөхтүк кытталлар. Уопсайа 15-тии…
Аныгы үйэҕэ күннээҕи олохпутугар туох буортулааҕын, киһи этигэр-сиинигэр хайдах дьайарын биллэхпитинэ, быһаарыстахпытына эрэ, бэйэбит уонна…
Биир аҕа билэр дьахтарыттан кыыспын оскуолаттан тоһуйан дьиэтигэр атаар диэн көрдөспүт. Дьахтар кыыһы кытта дьиэ…
Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун лиссиэйигэр Устудьуон күнүн бэлиэтиир олус үчүгэй тэрээһин буолла. Онно оскуола үрдүкү кылааһын…