Биэнсийэ олунньуга эбии 2-3% индексацияланыан сөп
Индексация бүтэһиктээх көрдөрүүтэ инфляция таһымыттан уонна бырабыыталыстыба бүддьүөтүн кыаҕыттан тутулуктаах буолуоҕа.
2025 сылга сыана үрдээһинин толуйар сыалтан биэнсийэҕэ эбии индексация оҥоһуллуон сөп, диэн “Комсомольская правда” хаһыат суруйар.
Росстат кэлиҥҥи дааннайынан, 2024 сылга инфляция 9,5% кэриҥэ этэ, бүтэһиктээх дааннайдар тохсунньу 15 күнүгэр тахсыахтара. Бу информацияҕа олоҕуран, олунньуга биэнсийэ эбиллиитэ 2-3% буолуон сөп диэн сабаҕаланар.
Экэнэмиис Василий Колташов бэлиэтээбитин курдук, индексация бүтэһиктээх сыыппарата инфляция таһымыттан уонна бырабыыталыстыба бүддьүөтүн кыаҕыттан тутулуктаах буолуоҕа: “Чуолаан бырабыыталыстыба этиэҕэ: инфляция бачча буолла, онон бүддьүөт кыаҕынан бачча индексацияны оҥорорбут кыаллар диэн”.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: