Хаартыска: ЯСИА
Биэнсийэлээххэ тиийинэн олоруу алын кээмэйэ хамнас алын кээмэйигэр (МРОТ) тэҥнэһиэхтээх. Маннык көҕүлээһини Судаарыстыбаннай Дуумаҕа «Сиэрдээх Арассыыйа — Кырдьык иһин» баартыйа бэрэссэдээтэлэ Сергей Миронов киллэрдэ.
«Бу үлэлиир дьон уонна биэнсийэлээхтэр материальнай өттүнэн хааччыллыыларын таһымыгар төрүөтэ суох улахан араастаһыыны үөскэтэрэ чахчы», — диэн Сергей Миронов эттэ. Бу туһунан ТАСС иһитиннэрэр.
Дьокутаат этэринэн, тохсунньу 1 күнүттэн МРОТ 22 440 солкуобай буолар. Ол кэмҥэ, биэнсийэлээх тиийинэн олоруу алын кээмэйэ Москваҕа — 17 897 солк., Москва уобалаһыгар — 16 600, Санкт-Петербурга — 16 623, оттон Кировскай уобаласка — 13 573 солкуобайга тэҥнэһэр.
Миронов санаатынан, бу сокуон барыла ылылыннаҕына, аҕам саастаах дьон олоҕун хаачыстыбата тупсуоҕа уонна биэнсийэ алын кээмэйин быһаарар төрүөт олохтонуоҕа.
Бу иннинэ, премьер-миниистир Михаил Мишустин иһитиннэрбитинэн, 2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Арассыыйаҕа хамнас алын кээмэйэ 20%-тан тахса үрдээн, 27 093 солк. буолуоҕа.
Булуҥ улууһугар Өлүөнэ өрүһүнэн Быковскай — Дьокуускай хайысханан айаннаан испит «Залив» уонна «Быков мыс» диэн…
"ВОИН" кииҥҥэ үөрэммит, үрдүкү кылаас оҕолоро Арассыыйа эрэгийиэннэригэр баар үрдүк үөрэх кыһаларыгар туттарсар түгэннэригэр, эбии…
Полицияҕа куорат олохтооҕо кэлэн, Ленин проспегар турар массыынатын сиэркилэлэрин алдьаппыттарын туһунан иһитиннэрбит. Хоромньу быһа холоон…
Алтынньы ыйтан саҥа сокуон күүһүгэр киирдэ. Ол чэрчитинэн, эрэгийиэн иһинээҕи микрокирэдьиит хампаанньалара ипотека кирэдьиитин биэрэр…
«Чолбон» сурунаал алтынньытааҕы нүөмэригэр ааҕыҥ: - «Улуу Кыайыы айымньылара» рубрикаҕа Константин Эверстов штрафбакка түбэспит…
Оҕо оонньуур эбэтэр успуорт былаһааккатын, ону таһынан оскуола эбэтэр уһуйаан тиэргэнин иһигэр ыты күллэйдэппит ыт…