Биэнсийэ үрдүүрүгэр көтүтүллүбүт индексациялары учуоттуохтара

Share

Арассыыйа социальнай пуондата үлэлиир гражданнарга биэнсийэни индексациялааһыны быһаарда.

Индексацияны суоттааһыҥҥа 2016 сылтан ыла бары көтүтүллүбүт индексациялары учуоттуохтара.

2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн үлэлиир биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ 7,3% индексацияланыаҕа. Бу туһунан РИА Новости иһитиннэрэр.

Ол курдук, биэнсийэлээх киһи биэнсийэтин кээмэйин учуоттаан туран, индексация тохтоло суох ыытыллыбытын курдук кээмэйгэ тэҥнэниллиэҕэ. Тохсунньуга эбиллиини биэнсийэҕэ тахсан олорор үлэлээбэт дьон ылыахтара. Биэнсийэлээх киһи үлэтиттэн ууратыллыбытын кэннэ, үлэлиир кэмигэр бары көтүппүт индексацияларын толуйар эбии төлөбүрү ылыаҕа. Маннык быһаарыы ылыллыан иннинэ Арассыыйаҕа 2025 сылга биэнсийэ 2024 сылга дьиҥнээх инфляция былааннаммыт көрдөрүүттэн үрдүк буоллаҕына, өссө эбии  индексацияланыан сөп диэн бэлиэтэммитэ.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
+1
1

Recent Posts

  • Бэрээдэк

Усуйаана олохтооҕо светильнигинэн кырбаан киһини өлөрбүт

Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Искусственнай интеллект эйгэтигэр анаммыт тэрээһин үлэтин саҕалаата

Ил Дархан Айсен Николаев  “Искусственнай интеллект эйгэтигэр айан” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла. Суолталаах тэрээһиҥҥэ…

19 минут ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын умайда

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…

34 минуты ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Креативка киирии: АЛРОСА оҕо айар дьоҕурун өйүүр

АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүнэн тэриллэр “Медиахакатоҥҥа” номнуо үһүс төгүлүн өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 48 көхтөөх, айар-тутар дьоҕурдаах…

49 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ытык Күөл харыйата Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттар

Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар баар Саҥа дьыллааҕы харыйа "Елки России"…

60 минут ago
  • Бэрээдэк

Бииргэ төрөөбүт эдьиийин аатыгар кирэдьиит оҥотторбута биллибит

Бүлүү улууһун Кыһыл Сыыр сэлиэнньэтин олохтооҕо дьахтар өрөспүүбүлүкэ борокуруора Максим Поповка көмө көрдөөн биллибит. Быһаарыллыбытынан,…

1 час ago