Биэнсийэбитин хайдах үрдэтэбит?
Сенатор Ольга Епифанова Арассыыйа олохтоохторугар биэнсийэни хайдах үрдэтэр туһунан кэпсээбит. Ити туһунан РИА Новости суруйар.
Биэнсийэ кээмэйин араас көрүҥүнэн элбэтиэххэ сөп диэн сенатор быһаарар. Холобур, биэнсийэҕэ тахсыыны тохтотон эриэххэ сөп эбит. Сокуонунан биэнсийэҕэ тахсар саас кэнниттэн үлэлээбит хас биирдии сыл, сааһынан страховой биэнсийэ кээмэйин үрдэтэр диэбит. Холобура, биэнсийэҕэ тахсыыны биэс сыл тохтотон эрдэххэ, инники төлөбүрү 40% кэриҥэ үрдэтиэн сөп диэн этэр.
Ону тэҥэ, биэнсийэ баалын эбии атыылаһыахха сөп (“докупить пенсионные баллы”).
Өссө биир ньыманан, баҕа өттүнэн пенсионнай бырагыраамаҕа киирии буолар. Дьон баҕа өттүнэн усунуос төлүүрүн суотугар, судаарыстыбаннайа суох пенсионнай пуондалар эбии биэнсийэ харчытын төлүүллэр.
Аны икки үлэҕэ үлэлээтэххэ, страховой усунуоһу икки тэрилтэ тэҥинэн төлүүр буолан бу эмиэ суолталаах диэн ыйар. Сиһилии манна ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: