Биэнсийэлээх дьахтар криптовалюта атыылаары 1 мөл.солк. кэриҥэ харчыны сүтэрдэ
Дьокуускайга биэнсийэлээх дьахтар криптовалюта атыылаары 1 мөл. 210 тыһ. солк. харчытыттан матта. Бу туһунан ИДьМ пресс-сулууспата суруйар.
Киин куорат 4 №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар 54 саастаах биэнсийэлээх дьахтар түөкүттэр сиэртибэтэ буолбутун туһунан иһитиннэрдэ. Ол курдук, дьахтар интэриниэт ситимигэр инвестиция туһунан угуйугу көрбүт. Кини саайтка регистрацияламмытын кэннэ, үп-харчы тэрилтэтин үлэһитэ буолан кубулунан түөкүттэр эрийбиттэр. «Исписжлиис» валюта уонна атын атыы-эргиэн көмөтүнэн эбии харчы «баһан» ыларга этии киллэрбит. Түөкүттэр ыйыыларынан дьахтар Terminal сыһыарыы хачайдаабыт.
Ол кэнниттэн түөкүттэр араас бааннарга кирэдьииттэри оҥотторон ыларга уонна кинилэр счеттарыгар ыытарга сүбэлээбиттэр. Кэлин дьахтар укпут харчытын устаары гыммыт даҕаны, түөкүттэр сибээскэ тахсыбат буолбуттар. Ол түмүгэр, дьахтар 1 мөл. 210 тыһ. солк. мэлийбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: