Биэнсийэҕэ хайдах эрдэ тахсыахха сөбүй?

Share

Саха сиригэр 2023 сыл бастакы кыбаарталыгар 1219 киһи биэнсийэҕэ эрдэ таҕыста. Кинилэр биэнсийэлэрин орто кээмэйэ – 23 681 солкуобай.

Уһук Хоту оройуоннарыгар (манна Саха сирэ бүтүннүүтэ киирсэр) олорор дьон страховой биэнсийэҕэ эрдэ тахсар бырааптаахтар, өскөтүн:

— эр дьон 60 саастарын туолан баран, 25 сылтан кырата суох страховой  ыстаастаах (ол иһигэр Уһук Хоту оройуоннарыгар 15 сылтан кырата суох ыстаастаах) буоллахтарына;

— эр дьон 50 саастарын туолан баран, Уһук Хоту оройуоннарыгар бастайааннай олорор уонна табаһытынан, балыксытынан, булчутунан 25 сылтан аҕыйаҕа суох кэмҥэ үлэлээбит буоллахтарына;

— дьахталлар 55 саастарын туолан баран, 20 сыл страховой ыстаастаах, ол иһигэр, Уһук Хоту оройуоннарыгар 15-тэн аҕыйаҕа суох сыл үлэлээбит буоллахтарына;

— дьахталлар 50 саастарын туолан баран, 2-тэн элбэх оҕону төрөппүт, 20 сылтан аҕыйаҕа суох страховой ыстаастаах уонна Уһук Хоту оройуоннарыгар 12-тэн аҕыйаҕа суох сыл үлэлээбит буоллахтарына;

— дьахталлар 45 саастарын туолан баран, Уһук Хоту оройуоннарыгар бастайааннай олорор уонна 20-тэн аҕыйаҕа суох сыл табаһытынан, балыксытынан, булчутунан үлэлээбит буоллахтарына.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Алексей Колодезников уһуйааччы быһыытынан «Саха сирэ — дьоруойдар дойдулара» бырагыраамаҕа

Бырагыраама уопсастыбаннай сэбиэтин чилиэнэ, "Сахатранснефтегаз" АУо генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников "Саха сирэ -- дьоруойдар дойдулара"…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА экологтара “Зелёный проект 2.0” грант куонкуруһугар сайаапкалары хомуйаллар

АЛРОСА Экологияҕа киинэ “Живые алмазы Якутии” паарканы тупсаран оҥорон эрэгийиэннээҕи бырайыактар граннарын куонкуруһа саҕаламмытын иһитиннэрэр.…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пилота суох көтөр аппарааттар көмөлөрүнэн ойууру кэтээн көрүү күүһүрдүллэр

Саха сиригэр  пилота суох, тепловизордаах  35 аппараат көмөтүнэн ойууру кэтээн көрүүнү күүһүрдэллэр. Саха сиригэр ойууру кэтээн көрөргө…

34 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Сэмсэ тыл»: Арассыыйаҕа ким көмөлөһөрүй?

Арҕааҥҥылар Украинаҕа быһаччы көмөлөһөр эбит буоллахтарына, биһиэхэ да син илии уунар ыаллыы дойдулаахпыт.

36 минут ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: күүһүлээһин, түөкүттэр угаайылара, баһаар

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр түөрт буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Бэлисипиэттэри уоран тутуллубут

Дьокуускайга 1 №-дээх полиция отделыгар икки киһи бэлисипиэттэрин уордарбыттарын туһунан сайабылыанньа суруйбуттар. Холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ…

1 час ago