Биэнсийэҕэ социальнай эбии төлөбүрү саҥа быраабыланан аныахтара
Үлэ министиэристибэтэ биэнсийэҕэ федеральнай социальнай эбии төлөбүрү ааҕар быраабылаҕа уларытыылары киллэрдэ. Биэдэмистибэ былырыын сэтинньи 11 күнүгэр ылыллыбыт 641н №-дээх бирикээһэ олунньу 17 күнүгэр күүһүгэр киирэр. Бу туһунан «Парламентская газета» иһитиннэрэр.
Билиҥҥи сокуонунан, Арассыыйаҕа үлэлээбэт биэнсийэлээх төлөбүрэ тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буолуо суохтаах. Федеральнай социальнай эбии төлөбүр — бу аҕам саастаах дьон уопсай дохуоттарын эрэгийиэҥҥэ биэнсийэлээхтиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тиэрдэр мэхэньииһим буолар диэн Суцдаарыстыбаннай Дуума дьоҕус уонна орто урбааҥҥа кэмитиэтин чилиэнэ Алексей Говырин быһаарда.
Социальнай пуонда территориальнай уоргана маннык эбии төлөбүрү биэнсийэлээх тиийинэн олоруу алын кээмэйэ федеральнай таһымнааҕар намыһах (эбэтэр аһарбат) эрэгийиэннэригэр аныыр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: