Биэнсийэҕэ тахсар саас өссө үрдүүр дуо?
Сотору-сотору араас саайтарга “биэнсийэҕэ тахсар саас 5 сылынан эбиллиэ” диэн суруйуулар тахсан социальнай ситиминэн тарҕанан, аймалҕан буолар.
Биэнсийэ реформата – биэнсийэҕэ тахсар сааһы уһатыы 2019 сыллаахха буолбута, Арассыыйа олохтоохторугар барыларыгар 5 сылынан уһаан биэрбитэ.
Онуоха биэнсийэҕэ бу тахсаары сылдьар дьон оҕустарбыттара чахчы. Барыллаан ааҕыынан, кинилэр 5 сыл устата мөлүйүөн кэриҥэ үптэрин сүтэрэллэр. Ол онтон өрүттэ да иликкэ, аны өссө уһаталлар диэн сурах кэлбитэ туох үчүгэйдээх буолуой? Дьон дьиксинэрэ, айманара да сөптөөх курдук.
“2025 сылга биэнсийэҕэ тахсарга саамай кырата 15 сыл үлэ ыстааһа баар буолуохтаах. Дьахталлар 37 сыл, оттон эр дьон 42 сыл үлэ ыстааһынан биэнсийэҕэ эрдэ тахсыахтарын сөп эрээри, 57 уонна 62 саастарыттан эрдэ тахсаллара сатаммат» диэн ол суруйууга этиллэр.
Дьэ, бу төһө оруннаах суруйуунуй? Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаатын биэнсийэни анааһын управлениетын начаалынньыга Надежда Данилова бу курдук эппиэттээтэ:
– Уһук Хоту оройуоннарыгар үлэлээбит дьоҥҥо биэнсийэ ананыытыгар сааһынан ирдэбиллэр арыый атыттар. 2023 сылга биэнсийэҕэ тахсар саас, 2018 сылы кытта тэҥнээтэххэ, номнуо 5 сыл уһаабыта. Ону 400 №-дээх федеральнай сокуон 6-с сыһыарыытыгар көрүөххэ сөп. Онон, бу суруйуу оруна суох.
Исписэлиис этиитигэр эбэн эттэххэ, үөһэ ыйыллыбыт суруйууга Арассыыйа дааннайдарын аҕалбыттар, туруору тылбаастаабыттар, ол Саха сиригэр сыһыана суох. Саха сиригэр дьахталлар 50 (иккиттэн элбэх оҕолоохтор) уонна 55 саастарыгар, эр дьон 60 саастарыгар биэнсийэҕэ тахсаллар, эбии сааһы үрдэтии буолбат.
Оттон Арассыыйаҕа дьахталлар 60, эр дьон 65 саастарыгар тахсаллар.
Хоту сиргэ страховой биэнсийэҕэ тахсыы
Уһук Хоту оройуоннарыгар (манна Саха сирэ бүтүннүүтэ киирсэр) олорор дьон страховой биэнсийэҕэ эрдэ тахсар бырааптаахтар, өскөтүн:
– эр дьон 60 саастарын туолан баран, 25 сылтан кырата суох страховой ыстаастаах (ол иһигэр Уһук Хоту оройуоннарыгар 15 сылтан кырата суох ыстаастаах) буоллахтарына;
– эр дьон 50 саастарын туолан баран, Уһук Хоту оройуоннарыгар бастайааннай олорор уонна табаһытынан, балыксытынан, булчутунан 25 сылтан аҕыйаҕа суох кэмҥэ үлэлээбит буоллахтарына;
– дьахталлар 55 саастарын туолан баран, 20 сыл страховой ыстаастаах, ол иһигэр, Уһук Хоту оройуоннарыгар 15-тэн аҕыйаҕа суох сыл үлэлээбит буоллахтарына;
– дьахталлар 50 саастарын туолан баран, 2-тэн элбэх оҕону төрөппүт, 20 сылтан аҕыйаҕа суох страховой ыстаастаах уонна Уһук Хоту оройуоннарыгар 12-тэн аҕыйаҕа суох сыл үлэлээбит буоллахтарына;
– дьахталлар 45 саастарын туолан баран, Уһук Хоту оройуоннарыгар бастайааннай олорор уонна 20-тэн аҕыйаҕа суох сыл табаһытынан, балыксытынан, булчутунан үлэлээбит буоллахтарына.
Өссө кимнээх эрдэ тахсалларый?
Маны тэҥэ, сокуон быһыытынан, сорох үлэһиттэр ыарахан усулуобуйаҕа үлэлээбиттэринэн, биэнсийэҕэ эрдэ тахсар бырааптаахтар: педагогтар, миэдиктэр, космонавтар, байыаннай сулууспалаахтар, баһаарынайдар, быыһааччылар, хаайыы харабыллара, судаарыстыбаннай гражданскай сулууспалаахтар, лүөччүктэр, итии сыахха, сир анныгар, хайа үлэтигэр үлэлиир оробуочайдар, исписэлиистэр, машинистар, оптуобус суоппардара, артыыстар, геологтар, механизатордар, таҥас, ойуур, балык бырамыысыланнаһын, тимир суол, метро үлэһиттэрэ, уо.д.а.
Кинилэргэ ыстааска, биэнсийэ баалыгар ирдэбиллэр араастаһаллар, ымпыга-чымпыга элбэх.
Биэнсийэҕэ тахсаллара биир-икки сыл хаалан баран, штаты сарбыйыыга, эбэтэр, тэрилтэ сабыллыытыгар түбэһэн, үлэлэриттэн ууратыллыбыт дьон үлэ булбатахтарына (ирдэниллэр ыстаас, биэнсийэ баала баар уонна Дьарыктаах буолуу киинигэр учуокка турар буоллахтарына), 2 сыл эрдэ тахсар бырааптаахтар. Бу ханнык баҕарар тэрилтэ үлэһиттэригэр сыһыаннаах.
Эбии туруорсаллар
Судаарыстыбаннай Дуумаҕа биэнсийэҕэ эрдэ тахсар педагогическай үлэһиттэр испииһэктэрин кэҥэтэр туһунан сокуон барылын киллэрбиттэрэ. Билиҥҥитэ «О страховых пенсиях» сокуон чэрчитинэн, оҕо тэрилтэлэригэр үлэлиир педагогтар 25 сылтан кырата суох педагогическай ыстаасаах буоллахтарына, биэнсийэҕэ эрдэ тахсар кыахтаахтар.
Ол эрээри онно сорох үлэһиттэр: уһуйааннарга, оскуолаларга үлэлиир психологтар, тириэньэрдэр, социальнай педагогтар, эбии үөрэхтээһин үлэһиттэрэ, уо.д.а. бу испииһэккэ суох буолан, биэнсийэҕэ эрдэ тахсар кыахтара суох, педагогическай ыстаас ааҕыллыбат. Уһуйааҥҥа, оскуолаҕа бары тэҥҥэ үлэлиир курдуктар эрээри, ити курдук ойдом тутуллан хаалаллар.
Бу сокуон барылын быһыытынан, оҕо тэрилтэлэригэр үлэлиир бары үлэһиттэр, билиҥҥи сокуоҥҥа ыйыллыбыт испииһэккэ баалларыттан-суохтарыттан тутулуга суох, биэнсийэҕэ эрдэ тахсар бырааптаах буолуохтаахтар диэн этиллэр.
Маны тэҥэ, чааһынай килииникэ миэдиктэрэ биэнсийэҕэ эрдэ тахсалларын туруорсаллар. Миэдик чааһынай килииникэҕэ үлэлээбит ыстааһа биэнсийэҕэ тахсарыгар ааҕыллыбат, ол иһин биэнсийэҕэ эрдэ тахсыбат.
Элбэх оҕолоох ийэлэргэ
2024 сыл тохсунньу 23 күнүгэр бэрэсидьиэн Владимир Путин анал ыйаах таһааран, элбэх оҕолоох ийэ кырдьар сааһынан страховой биэнсийэҕэ эрдэ тахсара көҥүллэнэр буолбута.
Үстэн элбэх оҕолоох ийэ кинилэри 8 саастарыгар диэри ииппит уонна 15 сыл страховой ыстаастаах, биэнсийэтин баала 30 тэҥнэһэр буоллаҕына, эрдэ тахсар бырааптаах. Манна төһөнөн элбэх оҕолоох да, соччонон эрдэ тахсар.
Инбэлиит оҕо төрөппүттэриттэн биирдэстэрэ, страховой ыстааһа, баала тиийэр буоллаҕына, эрдэ тахсыан сөп. Инбэлиит дьон, эбэтэр, кинилэр эппэкииннэрэ страховой биэнсийэҕэ эрдэ тахсыахтарын сөп.
Маны тэҥэ, элбэх оҕолоох ыал аҕата биэнсийэҕэ тахсарыгар хас биирдии оҕотун ахсын биирдии сылы көҕүрэтэн (биэс сылтан элбэҕэ суох), эрдэ тахсарын ситиһиэххэ диэн РФ Уопсастыбаннай балаатата туруорсар.
Быйылгы уларыйыылар
2019 сыллаахха уларыйыы киирэн, биэнсийэҕэ тахсыы сааһа уонна коэффициеннара сыыйа үрдүүллэр. Бу манна аан бастакынан 1969 сыл төрүөх дьахталлар уонна 1964 сыл төрүөх эр дьон хабыллыбыттара. Кинилэргэ биэнсийэҕэ тахсарга ирдэнэр коэффициент 16 эрэ этэ. Бу коэффициент сыл аайы үрдээн, быйыл 30 баалга тэҥнэстэ. Ол эбэтэр, 30 баалы мунньубут эрэ буоллахха, биэнсийэҕэ тахсаҕын. Бу кэнниттэн биэнсийэ баала үрдээбэт.
2025 сылтан страховой биэнсийэ 7,3%-нан үрдээтэ. Быйылгыттан үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ эмиэ индексацияланар буолла. Эһиил эмиэ салҕаныаҕа. Инфляция үрдээбит таһыма бигэргэннэҕинэ, олунньуттан өссө 2-3% индексацияланара күүтүллэр.
2025 сылга 1 биэнсийэ баала —
133,05 солкуобайтан
142,76 солкуобайга диэри үрдээтэ.
Страховой биэнсийэҕэ бигэргэммит төлөбүр кээмэйэ
8134,88 солкуобайтан
8728,73 солкуобайга диэри үрдээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: