Хаартыска: ЯСИА, Мария Васильева
Госдуумаҕа бу күннэргэ биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи саастаах дьон үлэтэ суох хааллахтарына, босуобуйа төлөнөрүн хааччыйар сокуон барылын киллэриэхтэрэ. Бу сокуон барылын «Справедливая Россия — За правду» баартыйа дьокутааттарын бөлөҕө киллэрэрин туһунан ТАСС суруйар.
Билигин биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи саастаах киһи үлэтиттэн ууратылыннаҕына, босуобуйа 12 ый устата эрэ төлөнөр. Оттон бу сокуон барыла олоххо киирдэҕинэ, босуобуйа биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи саастаах киһи үлэ булуор, эбэтэр, биэнсийэҕэ тахсыар диэри төлөнүөхтээх.
«Справедливая Россия — За правду» баартыйа салайааччыта Сергей Миронов этэринэн, биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи саастаах дьон нэһилиэнньэ биир көмүскэлэ суох, кыаммат араҥата буолар, тоҕо диэтэр, үлэни сарбыйыыга элбэхтик түбэһэллэр уонна саҥа үлэ булалларыгар үгүс ыарахаттары көрсөллөр.
— Ким да босуобуйаҕа эрэ эрэнэн, быар куустан олоруо суоҕа дии саныыбын, билиҥҥи үйэҕэ аҥаардас босуобуйаҕа эрэ киһи сатаан олорбот. Маны тэҥэ, биэнсийэҕэ тахсалларыгар ыстаас наада. Ол эрээри, бу босуобуйа киһи ыарахан кэмигэр өйүүр миэрэ буолуоҕа, — диэн кини эттэ.
ИДьМ сулууспатын Сунтаар улууһун отделын холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ 24 саастаах олохтоох киһи баантан харчыны уорбутугар…
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэни кытта холбоммут быһа сибээс кэмигэр дьиэ кэргэни өйөөһүҥҥэ улахан болҕомтону…
«Газпромбаан» вице-бэрэсидьиэнэ, «Үрдүкү технологиялаах мэдиссиинэ көмөтө» аһымал пуондатын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Сергей Фурсенко Саха сиригэр оробуочай…
Эһиилги «Дыгын оонньууларын» чөмпүйүөнэ үс мөлүйүөн солкуобайы уонна 7 мөлүйүөн солкуобайтан тахса сыаналаах Дьокуускай куоракка…
Түөкүттэр тус дааннайдары сыыппараҕа көһөрөбүт диэн военкомакка “ыҥырар” саҥа исхиэмэни толкуйдаабыттарын ИДьМ матырыйаалларыгар сигэнэн ТАСС…
Дьокуускай олохтооҕо киһини өлөрөргө соруммутунан буруйдааҕынан билинилиннэ. Кини ритаульнай киинигэр киһиэхэ быһахтаах саба түспүт. 57…