Биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи саастаах дьоҥҥо туох көмө баарый?
Биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи саастаах дьоҥҥо чэпчэтиилэр уонна социальнай көмө миэрэлэрэ бааллар. Урут маннык көмө биэнсийэлээхтэргэ эрэ оҥоһуллара: босхо эмп, уопсастыбаннай тырааныспарга чэпчэтиилээх бырайыас, хомунаалынай өҥөҕө уонна хапытаалынай өрөмүөҥҥэ чэпчэтии, баай-дуол, сир нолуогуттан босхолонуу, о.д.а.
2019 сылтан биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи саастаах дьоҥҥо саҥа чэпчэтиилэр киирбиттэрэ: диспансеризацияҕа, үлэлээх, дьарыктаах буолуу мэктиэтигэр. Маннык саастаах дьону ууратар уонна үлэҕэ ылартан аккаастанар үлэни биэрээччилэргэ административнай уонна холуобунай эппиэтинэс көрүллэр буолбута. Ону тэҥэ, үлэни биэрээччи кинилэргэ сылга икки күҥҥэ хамнаһын төлөөн туран, босхо диспансеризацияны баралларыгар усулуобуйа оҥоруохтаах.
Биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи саас 5 сыл иннинэ кэлэр. Холобур, икки оҕолоох дьахтар 50 сааһыгар биэнсийэҕэ тахсар буоллаҕына, биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи сааһа 45-гэр кэлэр. Оттон эр киһиэхэ – 55 сааһыгар.
Оттон ыарахан, сэрэхтээх үлэлээх дьон биэнсийэҕэ эрдэ тахсаллар. Кинилэр бу эрдэ тахсар саастарын 5 сыл инниттэн “предпенсионер” буолаллар. Холобур, куорат уопсастыбаннай тырааныспарын суоппардара үлэ анал ыстааһын толорбут буоллаҕына (дьахтарга – 15 сыл, эр киһиэхэ – 20 сыл) биэнсийэҕэ 50 (дьахталлар) уонна 55 саастарыгар (эр дьон) тахсаллар. Оччотугар дьахтар 45, эр киһи 50 саастарыгар биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи саастара кэлэр.
Бу учууталларга, быраастарга, о.д.а. үлэһиттэргэ эмиэ сыһыаннаах (анал ыстаастарын толордохторуна).
Элбэх оҕолоох дьахталлар 45 саастарыттан “предпенсионер” буолаллар, чэпчэтиилэринэн туһанан бараллар.
Ол эрээри, нолуокка чэпчэтиилэринэн дьахталлар 50, эр дьон 55 саастарын туоллахтарына эрэ, туһанар бырааптаахтар диэн сааһынан хааччах баар.
Биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи сааһы хайдах бигэргэтэллэрий?
Арассыыйа Социальнай пуондата иһитиннэрэр сервиһи үлэлэттэ. Онно биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи саастаах дьон туһунан сибидиэнньэлэр бааллар. Ону былаас уорганнара, биэдэмистибэлэр уонна үлэни биэрээччилэр көрөн, тустаах чэпчэтиилэри оҥоруохтаахтар.
Холобур, Дьарыктаах буолуу кииннэрэ 2019 сылтан биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи саастаах дьоҥҥо үлэтэ суохтар босуобуйаларын үрдэтиллибит кээмэйинэн биэрэллэр уонна анал бырагырааманан үөрэттэрэллэр.
Социальнай пуонда дааннайдара СМЭВ ханаалларынан, социальнай хааччыйыы судаарыстыбаннай информационнай систиэмэтинэн (ЕГИССО) уонна үлэни биэрээччилэри кытта электроннай дьайсыы нөҥүө бэриллэллэр.
Ону тэҥэ, “предпенсионер” статуһун ылбытын туһунан ыспыраапканы Социальнай пуонда салааларыгар баран уонна «Единый портал государственных и муниципальных услуг (функций)» тус кэбиниэтигэр киирэн ылыахха сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: