Биэнсийэлээх харчытын уордарда, массыына түҥнэстэн уматык тоҕунна

Share

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ биэс буруйу оҥоруу бэлиэтэннэ. Дьокуускай куоракка биэнсийэҕэ олорор киһиттэн үбүн-харчытын түөкүттэр  уорбуттарын туһунан иһитиннэрии киирдэ.

Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Дьокуускайга уонна Нерюнгри оройуонугар уоруу үс итиэннэ Хаҥалас улууһугар массыынаны күрэтии түбэлтэлэрэ бэлиэтэннэ. Суукка иһигэр 4 техногеннай баһаар таҕыста, киһи эчэйиитэ, өлүүтэ бэлиэтэммэтэ.

Өймөкөөн оройуонугар «Халыма» федеральнай айан суолун 711 км  «Ситрак» мааркалаах цистерна бырысыаптаах массыынаны ыытан испит суоппар уруулун сатаан туппакка, суолтан суулунна. Суол быһылаанын түмүгэр 5 кв.м. кэриҥнээх сиргэ дизель уматык тоҕунна.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

«Саха сирэ» хаһыат бырааһынньыктааҕы нүөмэрэ: билгэһиттэр, Моҕой сылыгар төрөөбүттэр, тохсунньуну анаарыы

“Тохсунньу-олунньу ыйдарга 50 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа. Саас тибиилээх, сайын кураан буолуоҕа, хаар кыра. Ол эрээри,…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ытык Күөлгэ саҥа кыһа аһыллыытын өрөгөйдөөх күнэ (видео)

Өрөспүүбүлүкэ салалтата кэнчээри ыччат киэҥ билиилээх-көрүүлээх буола үүнэн-сайдан тахсарыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийиигэ улахан болҕомтотун уурар,…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев дьоҕус уонна орто биисинэһи тупсарыыга тыл эттэ

Айсен Николаев урбаан координационнай сэбиэтин бу сыллааҕы бүтэһик мунньаҕар дьоҕус уонна орто биисинэс интэриэһин көмүскүүр…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Мэҥэ Хаҥаласка сыл бастыҥнарын чиэстээтилэр

Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ф. Ходулов аатынан Култуура киинигэр 2024 сыл түмүгүнэн улуус култуураҕа, спортка уонна социальнай…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Билиэҥҥэ түбэспит уонна сураҕа суох сүппүт дьон оҕолоругар төлөбүр көрүллүөҕэ

Байыаннай сулууспалаахтар атын категориялаах оҕолоругар социальнай өйөбүл эбии миэрэтэ көрүллэр буолла. Туһааннаах ыйаахха дойду Бэрэсидьиэнэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

Буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Ол курдук Нерюнгри…

2 часа ago