Биэнсийэлээхтэр сынньанар бырайыастарын дьиэттэн олорон хайдах ылыахтарын сөбүй?

Share

Ааспыт сылтан Арассыыйа сиригэр-уотугар сынньалаҥҥа кэлэр-барар бырайыас төлөбүрүн онлайн, ол эбэтэр «Госуслуга» порталыгар сайаапканы толорон, уу харчынан толуйан ылыахха сөп.

Маны тэҥэ, биэнсийэлээх атын дойдуга да сынньаммыт буоллаҕына, Арассыыйа чугаһынааҕы кыраныыссатыгар диэри төлөбүрүн орос- куотун эмиэ ылар кыахтанар. Ол туһугар кыраныысса таһынааҕы пааспар куоппуйата ирдэнэр. Онно Куттал суох буолуутун федеральнай сулууспатын кыраныыссатааҕы уоргана судаарыстыба кыраныыссатын быһа охсуһуутун миэстэтин туһунан бэлиэлээх буолара ирдэнэр. Электроннай сайаапканы түһэриигэ наада: айан билиэттэрэ, ороскуот сууматын туһунан сибидиэнньэ, маршрутунан бырайыас сыанатын туһунан ыспыраапка (хаартыска эбэтэр скан). Билиэт сыаната саамай намыһах тарыыбынан төлөнөр.

Харчыны бырайыас чахчылаах ороскуотунан эбэтэр толуонунан төнүннэриэххэ сөп. Ол толуоннары ыларга сынньанар сиргэ (санаторийга, туристическай базаҕа, сынньанар дьиэҕэ о. д.а.) сылдьыбытын туһунан туох да докумуон наадата суох. Сайаапкаҕытын анал толуоннарынан түһэрэргит да сөп буолар. Өскөтүн үчүгэй эппиэт кэллэҕинэ харчы кэлэр эбэтэр онтон кэлэр биэнсийэни кытта бааннааҕы счекка түһэр эбэтэр буостанан ыытыллар. Оттон арай сөбүлэҥ эппиэт кэнниттэн харчы кэлэн быстыбат түгэнигэр СФР-га (РФ социальнай пуондатыгар) хайаатар да тиийэн билсиэххэ наада.

Ааспыт сыл атырдьах ыйыттан бу өҥөнү оҥоруу быраабылата уларыйбыта. Ол курдук, бастатан туран, сайаапканы көрүү болдьоҕо кылгаабыта — 10 күнтэн 5 күҥҥэ диэри. Иккиһинэн, тус бэйэ тырааныспарын бырайыаһа эмиэ төлөнөр, ол эбэтэр бэнсииҥҥэ бараммыт харчы төннөр кыахтаммыта.

Маннык өҥөнү икки сылга биирдэ туттуохха сөп. Ол аата биэнсийэлээх компенсациятын ылбыт сылын тохсунньу 1 күнүттэн кэлэр сыл ахсынньытын 31 күнүгэр диэри ааҕыллар. Холобур, өскөтүн эн 2022 сыл от ыйыгар ылбыт буоллаххына, икки сыллааҕы

2022 сыл тохсунньутуттан 2023 сыл ахсынньытыгар диэри кэм буолар. Аныгыс өҥөнү 2024 сыл тохсунньутуттан туһаныахха сөп буолар.

Санатан суруйар буоллахха, маны хоту дойдуга олорор үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр, ону тэҥэ сааһырыы чэрчитинэн уонна инбэлиитинэн страховой биэнсийэни ылар дьон туһанар кыахтаах.

Хайдах түгэҥҥэ бырайыас төлөммөтүй?

Өскөтүн биэнсийэлээх социальнай өҥөнөн эмтэнэр, сынньанар сиргэ босхо бырайыаһынан баран кэлбит буоллаҕына төлөммөт. Ону тэҥэ үлэлээбэт биэнсийэлээх айанын эбэтэр харчытын төнүннэрэр сайаапканы толорбут кэмигэр кылгас болдьохтоох кэмҥэ үлэлээбит буоллаҕына эмиэ аккаас кэлиэн сөп. Үлэһит биэнсийэлээххэ тэрилтэтэ төлүүр эбээһинэстээх.

Сайаапканы хайдах биэрэбит?

Бу өҥөнү туһанарга 6 хардыылаах дьайыыны оҥоруҥ:

1. Тус учуотунай сурутуугут нөҥүө «Госуслуга» порталыгар киириҥ. Ол бигэргэммит буолуохтаах;

2. «Уһук Хоту олорор биэнсийэлээхтэргэ сынньалаҥ сиригэр кэлэр-барар бырайыастарын төлөбүрүн толуйуу» («Компенсация проезда к месту отдыха и обратно пенсионерам, проживающим на Крайнем Севере») өҥөнү булан баттааҥ;

3. Тус кэбиниэттэн бэлэм толоруллубут дааннайдаргытын бэрэбиэркэлээҥ. Тиийбэт өрүтүн ситэриҥ, сыыһатын көннөрүҥ;

4. Сынньаммыт сиргит туһунан сибидиэнньэни уонна айаҥҥыт маршрутун «барыы уонна төннөн кэлии» барыйаанынан ыйыҥ;

5. Билиэккитин хаартыска-

ҕа түһэрэн эбэтэр сканнаан угуҥ;

6. Сайаапканы ыытыҥ уонна тус кэбиниэккэ биллэриини күүтүҥ.

Өскөтүн сайаапканы бары усулуобуйаны тутуһан ыыппыт уонна аккаас туппут буоллаххытына, «Госуслуга» нөҥүө эбэтэр бэйэҥ РФ ъСоциальнай пуондатыгар тиийэн үҥсүү түһэриэххитин сөп.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

33 минуты ago
  • Куонкурус
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

56 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

3 часа ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

4 часа ago