Салгыы
Биэнсийэлээхтэргэ ханнык өҥөлөр баалларый?

Биэнсийэлээхтэргэ ханнык өҥөлөр баалларый?

03.06.2023, 14:00
Хаартыска: Мария Васильева, СИА
Бөлөххө киир:

“Судаарыстыбаннай өҥөлөргө” (Госуслуги) баар араас сервистэртэн үлэлиир уонна үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр ханнык чэпчэтиилэринэн уонна бырааптарынан туһаналларын туһунан билиэххэ сөп. Электроннай өҥөлөр көмөлөрүнэн нолуокка ханнык чэпчэтии баарын, биэнсийэни хайдах эрдэ ылыахха сөбүн, төлөнөр өрөбүл күнү туһанары уонна үлэ ыстааһын эмиэ бэрэбиэркэлиэххэ сөп.

Биэнсийэлээхтэргэ бу порталга ханнык өҥөлөр баалларый? “Судаарыстыбаннай өҥөлөр” көмөлөрүнэн биэнсийэ туһунан ыспыраапканы ылыахха сөп. Маны тэҥэ, биэнсийэни дьиэҕэ олорон эрэ, “Судаарыстыбаннай өҥөлөр” нөҥүө ылар кыах баар. 2020 сылтан босхо саҥа өҥөлөр баар буолбуттара: ол өҥөлөр үлэлиир да, үлэлээбэт да биэнси­йэлээхтэргэ сыһыаннаахтар.

ЭЛЕКТРОННАЙ ҮЛЭ КИНИИСКЭТИТТЭН БЫҺА ТАРДЫЫ (ВЫПИСКА)

Арассыыйаҕа 2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн электроннай Үлэ киниискэтэ олохтоммута. Манна үлэһит ханна, хаһан үлэлээбитин туһунан Арассыыйа Биэнсийэҕэ пуондатыгар хараллан сыппыт цифровой сибидиэнньэлэр киирэллэр. Бу информацияны үлэһит дьон “Судаарыстыбаннай өҥөлөр” портал нөҥүө бил­сиэхтэрин сөп.

Саҥа электроннай Үлэ киниискэтигэр көһүү баҕа өттүнэн барар. Ханнык баҕарар үлэһит урукку Үлэ киниис­кэтин эмиэ туһана сылдьыан сөп. Арай саҥа үлэҕэ киирэр үлэһит 2021 сылтан электроннай Үлэ киниискэлээх буолара ирдэнэр, үлэтин туһунан сибидиэн­ньэлэр бу киниискэҕэ эрэ толоруллаллар.

Электроннай Үлэ киниискэтиттэн быһа тардыыны (выписканы) “Судаарыстыбаннай өҥөлөр” порталга киирэн ылыахха сөп. Манна илии баттааһына электроннай көрүҥүнэн буолар уонна, со­­куон быһыытынан, кумааҕы көрүҥү кытта тэҥ суолталаах.

БИЭНСИЙЭҔЭ ТАХСЫАН ИННИНЭ СААСТААХ ҮЛЭҺИТ СТАТУҺА

“Судаарыстыбаннай өҥө­лөр” порталга киирэн, ханнык баҕарар киһи биэнсийэ иннинээҕи категорияҕа киирсибитин туһунан ыспыраапканы ылыан сөп. Бу ыспыраапка көмөтүнэн, үлэһит диспансеризация барарыгар төлөнөр өрөбүл күнүн ылар, үлэтэ суох киһи үрдэтиллибит босуобуйанан туһанар, эбэтэр, эрдэ биэнсийэҕэ тахсыан уонна баай-­дуол нолуогар (имущественный налог) чэпчэтиилэринэн туһаныан сөп.

Биэнсийэ иннинээҕи саастаах киһи диэн биэнсийэҕэ тахсар сааһыгар тии­йэрэ биэс сыл хаалбыт киһини этиллэр.

Биэнсийэ иннинээҕи саастаах дьон маннык чэпчэтиилэринэн туһаналлар:
– үлэтэ суох киһи үрдэтиллибит босуобуйанан туһанар;
– биэнсийэни эрдэ анатыы;
– сир уонна баай-дуол но­­луогар чэпчэтии;
– диспансеризацияны ааһар­га төлөнөр өрөбүл күнү туһаныы;
– үлэттэн ууратылларын тохтотуу;
– нэһилиэстибэҕэ ирээттээх буолуу;
– аймахтарыттан алимент төлөтүү.

Атын чэпчэтиилэргэ биэнсийэ иннинээҕи саастаах дьон статуһун туһунан ыспыраапка эмиэ бэриллэр.

ҮЛЭ ЫСТААҺЫН ТУҺУНАН СИБИДИЭННЬЭЛЭР

Үлэнэн хааччыйааччылар электроннай Үлэ киниискэлэри 2020 сылтан саҕалаан олохтообуттара. Манна үлэ туһунан сибидиэнньэлэр электроннай көрүҥүнэн Социальнай пуондаҕа бэриллэллэр уонна онно хараллан сыталлар, ким көрдөөбүккэ быһа тардыы (выпис­ка) быһыытынан бэриллэллэр.

Бу сибидиэнньэлэр үлэ туһунан, үлэттэн уура­йыы төрүөтэ уонна үлэ ыстаа­һа төһө сөптөөхтүк ааҕыллыбытын туһунан хонтуруолга наадалаахтар. Быһа тардыыны атын, саҥа үлэҕэ киирэргэ уонна бааҥҥа кирэ­дьиит ыларга туһаныахха сөп. Харайыы, бэчээттэтэн ылыы уонна электроннай буостанан ыытыы эмиэ көҥүллэнэр.

БИЭНСИЙЭ КЭЭМЭЙЭ ТӨҺӨ БУОЛБУТУН ТУҺУНАН ЫСПЫРААПКА

“Судаарыстыбаннай өҥө­лөр” порталтан биэнсийэ төһө буолбутун туһунан ыспыраапканы ылыахха сөп. Бу сиби­диэнньэ бүтэһик 12 ыйтан элбиэ суохтаах.

Маннык ыспыраапканан айан төлөбүрүн чэпчэтиигэ, маҕаһыыннарга уонна аптекаҕа чэпчэтиилээх атыылаһарга уонна бааҥҥа туһаныахха сөп. Бу ыспыраапка 2015 сылтан биэнсийэлээх киниискэтин солбуйар.

НОЛУОККА ЧЭПЧЭТИИЛЭР

Биэнсийэлээхтэр дьиэ, кыбартыыра нолуок­тарын төлөөбөттөр диэн федеральнай таһымнаах чэпчэтии баар. Баай-дуол эбийиэ­гин биир эрэ көрүҥэр бу чэпчэтии көрүллэр: биир кыбартыыраҕа, эбэтэр, биир дьиэ­ҕэ. Маны таһынан, нолуоктан көҕүрэтии (вычет) эмиэ ылыахтарын сөп. Бу көрүҥ бары эби­йиэктэргэ судургутук (автоматически) туһаныллар. Холобур, но­­луок ааҕыллыыта хас кыбартыыра иэниттэн 20 кв.м., дьиэ иэниттэн – 50 кв. м буолар.

Федеральнай чэпчэтиини таһынан, олохтоох бэйэни сала­йыныы таһымыгар эмиэ чэпчэтии баар. Бу чэпчэтиини туһанарга өссө биир са­­йабылыанньаны бэриллэр.

БИЭНСИЙЭЛЭЭХТЭРГЭ ХАПЫТААЛЫНАЙ ӨРӨМҮӨҤҤЭ ЧЭПЧЭТИИЛЭР

Хапытаалынай өрөмүөн төлөбүрүн кыбартыыраны бас билээччилэр толору төлүүр буоллахтарына, биэнсийэлээхтэргэ бу төлөбүргэ 50 эбэтэр 100 бырыһыан чэпчэтии көрүллэр. Бу чэпчэтии субсидия орос­чуотуттан тахсар олорор дьиэ иэнигэр баар эрэги­йиэн стандартыгар олоҕурар. Бу орос­куот “компенсация” эрэ быһыытынан көрүллэр.

Биэнсийэлээх киһи, бастатан туран, хапытаалынай өрөмүөн төлөбүрүн толору төлүүр, ол эрэ кэннэ социальнай көмүскэл управлениета, эбэтэр, атын анал тэрилтэ бу төлөбүр сууматын төннөрөр. Бу чэпчэтиини ыларга эмиэ са­­йабылыанньаны суруйуллуохтаах.

ЭЛЕКТРОННАЙ СЭРТИПИКЭЭТ

Бу сыл саҕаланыаҕыттан Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата 15 мөлү­йүөн солкуобай суума­лаах 923 электроннай сэртипикээти оҥорон биэрдэ.

Бу электроннай сэртипикээт көннөрү баан каартатын курдук үлэлиир –атыыластахха, харчыта бэрт түргэнник атыыһыкка тиийэр.

Электроннай сэртипикээти ыларга булгуччу­лаах усулуобуйалаах:

  • инбэлиит реабилита­цияланарыгар уонна абилитацияланарыгар тус бырагыраама (ИПРА), эбэтэр, эчэйбит киһи ТСР испииһэктээх реабилитацияланар бырагыраамата оҥоһуллубут буо­луохтаах;
  • “МИР” каарта баар буолуохтаах.

Эбии ыйытыылаах буоллаххытына, Социальнай пуонда 8-800-200-04-49 төлөпүөнүгэр эрийэн, билсиэххитин сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: