Биэрэһи олордуу кистэлэҥнэрэ
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2024/08/bieres-elbeh-bitemiinneeh-1.jpg)
Биэрэһи олунньуттан кулун тутар 20 күнүгэр диэри олордуллар, ити кэми баттаспатахпытына хойутуубут. Саха сиригэр эрдэ ситэр суортары талан үүннэрэр ордук. Аҥаардас арассаадата 75-80 күн буолар. Мантан салгыы Саха сиригэр олордорго табыгастаах биэрэс суортарын ырытыахха.
Оранжевое чудо Р
“Оранжевое чудо Р” быгыаҕыттан аһа улаатыар диэри 103-110 хонук барар. Халыҥа 5-7 см тэҥнэһэр. Бөдөҥ, төгүрүктүҥү астаах гибрид, ыарыылары тулуйумтуо. Аһын ыйааһына 230-250 г буолар, минньигэс. Бу суорт салаакка, кэнсиэрбэҕэ барсар. Хаххалаах сиргэ, парникка олордор ордук. Аһаҕас сиргэ олордор түгэннэригэр булгуччу кэнниттэн, ойоҕоһуттан бүрүйэр ирдэнэр.
Калифорнийское чудо
Бу Саха сиригэр киэҥник тарҕаммыт суорт. Ортотук ситэр (среднеспелый), 100-129 хонуктаах, 67 см үрдүктээх, кыһыл өҥнөөх, бөдөҥ, эттээх, ньолбоҕордуҥу быһыылаах. Үрдүк үүнүүнү биэрэр, 1 кв.м. 8-10 киилэ биэрэһи ылыахха сөп.
1 кв.м. үс-түөрт угу олордуллар. Аһын уһуна 10-12 см, ортотунан 160 г ыйааһыннаах.
Биһиэхэ ыам ыйыгар, бэс ыйыгар, сайыҥҥы да кэмнэргэ сорох сирдэринэн түүнүн тымныйар, күнүһүн олус сылыйар. Бу суорт салгын маннык хамсааһынын тулуйумтуо. Хаххалаах да соҕус сиргэ үүнүүтүн син биир биэрэр. Ыарыылары тулуйумтуо, арассаадатын хонуга 60-70 күн. Кэнсиэрбэлииргэ ордук барсар.
Винни-пух
Бу олох эрдэ ситэр суорт. Ортотунан 105-110 хонуктаах. Намыһах уктаах, 25-35 см үрдүктээх, аҕыйах сэбирдэхтээх. Ол иһин 1 кв.м. 8-10 устуука угу олордуохха сөп. Аһа хараҥа кыһыл өҥнөөх, чараас хахтаах, 50-70 г буолар. Биир кв.м. ортотунан 2-4 киилэни биэрэр. Ыарыылары тулуйумтуо, минньигэс астаах, салаакка уонна кэнсиэрбэлииргэ барсар, тоҥоруохха да сөп.
Ласточка
Эрдэ ситэр суорт, үрдүк үүнүүлээх, 106-120 хонуктаах. Үрдүгэ 48-50 см диэри уһуур, конустуҥу, халтархай тастаах быһыылаах, 1 кв.м. 2,5-4,7 кг аһы биэрэр, ыйааһына 50-90 г буолар. Аһаҕас оҕуруот сиригэр үүннэриллэр, киэһэтин үрдүнэн бүрүйүөххэ сөп. Сибиэһэйдии хаһааныыга уһуннук барар, кэнсиэрбэлиэххэ эмиэ сөп.
Подарок Молдовы
Ортокутук ситэр сорт, 125-136 хонуктаах, 40-50 см үрдүктээх, аһын ыйааһына 100-120 г, конустуҥу, уһун ньолбуһах быһыылаах. Аһаҕас оҕуруот сиригэр үүннэриллэр, минньигэс амтаннаах. Салаакка, кэнсиэрбэҕэ табыгастаах.
Здоровье
Бу олох эрдэ ситэр суорт, 78-80 хонуктаах, эмиэ аһаҕас оҕуруот сиригэр үүннэриллэр. Орто сэбирдэхтээх, 1 миэтэрэҕэ диэри үрдүктээх, ол иһин баайар ирдэнэр, эбии аһатыыны эрэйэр. Ньолбоҕордуҥу быһыылаах. Аһын ыйааһына 50-70 г, амтана олус минньигэс, хаххалаах да сиргэ олортоххо үрдүк үүнүүнү биэрэр. Биир укка ортотунан 15 устуука үүнэр, ыарыылары тулуйумтуо. Сибиэһэйдии хаһааныыга, салаакка, кэнсиэрбэҕэ барсар. Салгыы баклажан аҕыйах көрүҥүн ырытан көрүөххэйиҥ.
Ыарыылар уонна үөн-көйүүр буулаабатын туһугар буору эмтээһин, бэлэмнээһин
Бэйэ да бэлэмнээбит, маҕаһыынтан даҕаны атыылаһыллыбыт буору хайаан даҕаны эмтиир ирдэнэр. Ол туһугар микроволновкаҕа, духовкаҕа 20 мүнүүтэ туруоруллар. Ити кыаллыбат буоллаҕына оргуйбут 80° C итии уунан кутуллар (обработка), ону тэҥэ борнай кислотаны туттуохха сөп. Борнай кислотаны (10 гр) 10 лиитирэ көннөрү сылаас ууга суурайыллар. Ол кэннэ фитоспоринынан эбэтэр арыый кыһыллыҥы өҥнөөх марганцовканан ыстарыллар. Балар оннуларыгар меднэй купороһу эмиэ туһаналлар.
Үүнээйи буорун үстүү сыл буола-буола уларытар ирдэнэр. Сылгы сааҕын парникка сылааһы туттун диэн түгэҕэр, буор анныгар кутуллар. Сылгы сааҕа икки ыйынан номнуо ноһуом буолар. Оҕуруот сиригэр кутуллубут ынах балбааҕа бытарытыллыбытын да үрдүнэн биэс сылынан биирдэ үчүгэй ноһуом буолар. Ол иһин ноһуому балбааҕынан оҕуруот сиригэр сыл аайы кутуҥ диэн сүбэлиибит. Арай, сибиэһэй ноһуому кытта элбэх сыыс от уонна ыарыы киирсэр. Ол иһин буору сыл аайы меднэй купороһунан, борнай кислотанан эбэтэр фитоспоринынан хайаан даҕаны ыстарар наада.
Оҕуруот сирин күһүн булгуччу түөрэр ирдэнэр. Бу үрдүнэн меднэй купороһу ыһыллар. Саас буору дэлби буккуйуллар уонна фитоспоринынан ыстарыллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: