Биэс босуобуйа оннугар — биири

Share

2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Арассыыйаҕа оҕолорго “универсальнай” босуобуйа диэн бэриллэр буолар. Ол эбэтэр, оҕолоох, кыра дохуоттаах ыалларга билигин бэриллэ сылдьар ыйдааҕы босуобуйалары барыларын солбуйар биир төлөбүр буолар. Дьэ, бу босуобуйа кимнээххэ, хаһан, хайдах бэриллэрий?

2022 сыл сэтинньи 21 күнүгэр ылыллыбыт 455 №-дээх федеральнай сокуон чэрчитинэн, 2023 сыл тохсунньутуттан кыра дохуоттаах, 17-гэр диэри саастаах оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ “универсальнай” босуобуйа бэриллэр.

Билигин оҕолоох ыаллар маннык босуобуйалары ыла олороллор:

— бастакы оҕо 3 сааһын туолуор диэри бэриллэр босуобуйа (“путинскай”);

— 3-7 саастаах оҕоҕо бэриллэр босуобуйа;

— 8-16 саастаах оҕоҕо бэриллэр босуобуйа;

— оҕо 1,5 сааһыгар диэри көрөн олорорго үлэлээбэт дьоҥҥо бэриллэр ыйдааҕы босуобуйа;

— хат дьахтар учуокка эрдэ, 12 нэдиэлэтигэр диэри турдаҕына бэриллэр ыйдааҕы босуобуйа (кыра дохуоттаахтарга).

Бу босуобуйалары барыларын суох гынан баран, бу оннугар биир быраабылалаах “универсальнай” босуобуйаны биэрэллэр. Ол эбэтэр, бу босуобуйалары ыла сылдьыбыт дьон саҥа босуобуйаны ылар кыахтаахтар. Сүрүн ирдэбилэ – дьиэ кэргэн хас биирдии чилиэнигэр тиксэринэн, тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах дохуоттаах буолуохтаахтар. Бастакы, иккис, үһүс оҕо диэн уонна хаһан төрөөбүтэ оруола суох.

Ол эрээри бу үөһээ ааттаммыт босуобуйалары соторутааҕыта оҥорторбут дьон, болдьоҕо бүтүө өссө да ыраах буоллаҕына, 2023 сылга даҕаны болдьоҕо бүтүөр диэри салгыы ылаллар. Ол кэнниттэн “универсальнай” босуобуйаҕа сайабылыанньа биэриэхтээхтэр.

Онон, “универсальнай” босуобуйаны ханнык төрөппүттэр ылар кыахтаахтарый?

— Оҕолоро 17 сааһын туола илик буоллаҕына (оҕону иитэр төрөппүттэргэ эмиэ сыһыаннаах);

— дьиэ кэргэн ыйдааҕы тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах дохуоттаах буолуохтаах;

— сайабылыанньа бэриллибит күнүттэн 12 ый иннинээҕи дохуот ааҕыллар;

— төрөппүт 1 сылы быһа үлэлээбэтэх уонна Дьарыктаах буолуу киинигэр учуокка турбат буоллаҕына, бэриллибэт (8-17 саастаах оҕоҕо бэриллэр босуобуйа ирдэбилин курдук);

— дьиэ кэргэн баайа-дуола эмиэ ааҕыллар (8-17 саастаах оҕоҕо бэриллэр босуобуйа ирдэбилин курдук);

— босуобуйа хас биирдии оҕоҕо төлөнөр;

— дьиэ кэргэн састаабыгар төрөппүттэр, сокуоннай саастарын туола илик оҕолор уонна 23 саастарын туола илик, күнүскү үөрэххэ үөрэнэр устудьуон оҕолоро эмиэ киирэллэр (дьиэ кэргэн дохуотун ааҕарга);

— “гражданствота” суох дьон, атын дойдуттан көһөн, куотан кэлбит дьон, о.д.а. босуобуйаны ылбаттар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: ыам ыйын 19 күнэ

Күн-дьыл туруга хайдаҕый? Дьокуускайдааҕы гидрометеорологическай сулууспа тугу иһитиннэрдэ? Соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруулуу-илин, илин, хотугулуу-илин кыралаан ардыа, инчэҕэй…

11 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Түмэл түүнэ» үгүс дьону түмтэ

Емельян Ярославскай аатынан түмэлгэ Аан дойдутааҕы түмэл күнүгэр анаммыт ''Түмэл түүнэ'' тэрээһиҥҥэ элбэх интэриэһинэй экскурсиялар,…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Нам улууһун сорох нэһилиэктэригэр уу таһыма үрдүк

Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар халаан туругун ыам ыйын 18 күнүгэр ыксаллаах балаһыанньаны  сэрэтиигэ уонна туоратыыга хамыыһыйа мунньаҕар…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр балаһыанньа билигин да уустук

Халаан уутуттан эмсэҕэлиир нэһилиэктэр ахсааннарыгар урут хаһан да киирбэтэх Хатырык  нэһилиэгэ улахан ууга ылларан, олохтоохтору…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Нам улууһугар «Библионочь-2024» Дьиэ кэргэн сылыгар ананна

Ыам ыйын 17 күнүгэр Нам улууһугар «Библионочь-2024» Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Аммаҕа «Сэдэх экспонаттар» быыстапка буолла

Бүгүн, ыам ыйын 18 күнүгэр, Аан дойду үрдүнэн Түмэл күнэ бэлиэтэнэр. Бу күнү көрсө Амматааҕы…

13 часов ago