Биэс эрэгийиэҥҥэ доруобуйа харыстабылыгар эбии үп-харчы көрүллүөҕэ
29.11.2022, 09:51
Бөлөххө киир:
Климатическай уонна географическай өттүнэн ыарахан усулуобуйалаах эрэгийиэннэргэ, 2023–2025 сылларга булгуччулаах мэдиссиинискэй көмөнү оҥорууга субвенция кээмэйэ улаатыаҕа. Бу туһунан РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин иһитиннэрдэ.
Ол курдук, Саха сиригэр, Камчаткаҕа, Магадаҥҥа, Ненецкай уонна Чукотскай автономнай уокурукка үбүлээһин кээмэйэ үрдүөҕэ. 2023 сылга бу эрэгийиэннэр 4,6 млрд солк., 2024 сылга — 4,9 млрд солк., 2025 сылга — 5,2 млрд солк. эбии үбү ылыахтара.
Үбүлээһин Булгуччулаах мэдиссиинискэй страховкалааһын федеральнай пуондатын бүддьүөтүгэр киирэр булгуччулаах мэдиссиинискэй страховой усунуостан көрүллүөҕэ.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: